Page 1 - Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута-кылгатыллыбыта
P. 1
Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута
XIX-с үйэ иккис аҥаарыттан XX-с үйэ бастакы
аҥаарыгар тиийэ олорон ааспыт Бороҕон улууһун аар-
саарга аатырбыт олоҥхоһута Д.М.Говоров - олоҥхоһут
Миитэрэй 2023 сылга дьоһун аата ааттанар бэлиэ кэмэ -
төрөөбүтэ 175 сыла.
Дмитрий Михайлович Говоров - олоҥхоһут
Миитэрэй Бороҕон улууһун олоҥхоһуттарыттан
барыларыттан ордук киэҥник биллибит, эдэр сааһыттан
олоҥхоҕо уһуйуллан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн
сылдьыбыт киһи. Тыыннааҕар үс олоҥхото суруллан онтон
иккитэ бэчээттэнэн, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар
чилиэнинэн ылыллан (1939с.), 1934, 1938 сылларга
ыытыллыбыт Саха сирин суруйааччыларын
кэмпириэнсийэтигэр ыҥырыллан олоҥхолоон уран
тылынан умсугуппут улуу Ойуунускай биһирээбит
олоҥхоһута буолар.
Миитэрэйи дойдутугар Баҕыһах диэн
ааттыыллара, олоҥхоһут быһыытынан аатырбытын кэннэ
олоҥхоһут Миитэрэй, Ырыа Миитэрэй диэн аат
иҥэриллибитэ. Кини кэтит сарыннаах, киэҥ көбдөхтөөх,
бөдөҥ соҕус сирэйдээх-харахтаах, ортону үрдүнэн
уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, эдэригэр
сытыы-хотуу көрүҥнээх киһи эбитэ үһү.
Төрдө-ууһа кимий-ханныгый диир буоллахха,
1934 сыллаахха Сэһэн Боло биһиги улууспутугар кэлэ
сылдьан Миитэрэйтэн төрдүн-ууһун ыйыталаспытыгар
Рллэйтэн саҕалаан 14-СЃ РєУ©Р»ТЇУ©РЅСЌТ•СЌ тиийэ ааттаабыт. II-СЃ
Өлтөх олохтооҕо Миитэрэй Мэхээлэйэбис Куобараптан
Бороҕон ууһун туһунан бэлиэтэммитин "Лиэнэҕэ нуучча
кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо" кинигэҕэ бэчээттэммитэ.
РћРЅРЅРѕ РєУ©СЂРґУ©С…С…У©, олоҥхоһут Миитэрэй Рллэй Боотуртан

