Page 155 - Н.В.Москвитин Хаан Дьаргыстай
P. 155
Умсары уурбут курдук
Кылбалдьыгас
КыЬыл кемус ытардалаах
Кун Сыралыман тойон,
Yyc киис кыыл тириитэ
Уллургэлээх бэргэпэлээх
Мелберуун Баай Хотун
Айыллыбыт алаастарыгар,
Сириэдийбит сирдэригэр
Аарыгыран-айгыстан,
Айаннаан кэллилэр.
СыЬыыга баппат
Сылгы-ынах уксээтэ,
Курдум хангыл тилилиннэ,
Таттык беде таладыйда,
Чаччырда беде торолуйда,
Орулас кулун оонньохолоото,
Мэн ирэс торбос.
Мэнээктээтэ,
Иэхэй-чуохай элбээтэ,
Оонньуу-кулуу улаатта,
Омолдоон олодун курдук,
Дьэргэстэй ыЬыадын курдук,
Арсан Дуолай тулэЬэтин курдук
Ас-уел, уйгу-быйгы,
Айхал-мичил буолла.
Чобурдас олон'хоЬут
Чугдаара олон’холоото,
Ыллам ырыаЬыт
Дьиэрэйэ ыллаата,
Кылбан' кылыыЬыт
Кылыйда,
Ылдаггнас уол
Ыстан'алаата,
Ходьой уол
Куобахтаата.
Кыыстаах кутуеттэрэ
Аналлаах дойдуларыгар
Аттаналлара буолла,
Адыс уон адыс
Кыталык кыргыттар,
Тодус уон тодус
153

