Page 30 - Бээрийэ нэҺилиэгиттэн сэриигэ 94 киҺи барбытыттан 40 сэрии толоонуттан, үлэ фронугар 19 киҺи барбытыттан 3 эргиллибэҕэ
P. 30
Тандагы. Тойон Уйата
Васильева (Охлопкова) Татьяна Николаевна
(1924-1999).
II Лөгөй нэhилиэгэр (билиӊӊинэн Бээрийэҕэ) 25.06. Тандагыга «Тойон
Уйата» диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1942с. үлэ фронугар ыңырыллан,
Дьокуускайга баарсаттан бурдук курууhугар, саhаан эрбээhинигэр, буор
хаhыытыгар онтон да атын үлэлэргэ биир сыл устата сылдьыбыта.

