Page 12 - Кыайыы Боотурдара. Михаил Стрекаловский
P. 12
тын былдьаан турардаахпыт. Ас-танас диэн элбэ^э онно этэ. Ол
TYYHY быЬа ыскылааттарбытын манаан тахсыбыппыт. Отут киЬиэ-
хэ диэтэххэ киэнэ-куона сурэ бэрдэ. ХаЬан эрэ хардары охсон
ылаллар диэн, ол айманыыта тууну быЬа ааЬан-ара^ан биэрбэтэ^э.
Сарсыныгар табаарыс Сталин бирикээЬэ кэллэ диэн буолбута: 69
стрелковай дивизия 120 стрелковай полкатын саллааттарыгар уон-
на офицердарыгар орденнары уонна медаллары тувгэппиттэрэ. Итиннэ
миэхэ Сталин илии баттааЬыннаах Махтал сурук тиксибитэ.
Бу тугэн А§а дойду Улуу сэриитин историятыгар киирбит буолан
элбэхтэ суруллубута. Дивизиябыт Осиповичи куораттан естеех 5000
саллааттарын уонна офицердарын билиэн ылбыт этэ. Бу дьонтон со-
рохторун биир дэриэбинэттэн ууртэлээн таЬаарыыга кыттыспытым.
Атырдьах ыйыгар Буг epyhy иккитэ туораспытым. Атырдьах
ыйын 20 кунугэр ыараханнык контузияламмытым. Буорга комуллэн
хаалбыт этим. Ону били кэпсиир Сердюгум хостообут эбит этэ. Ол
кун бэйэтэ уллугун унуот)ун тосту котуттэрбит сурахтаа^а.Уонча
хонукка эмтэнэн, истэр уонна санарар буолан, госпитальтан бэйэм
чааспар эргиллибитим кэпсии тоЬуйдулар: “Остеому штурмалаары
а§ай олоробут. Эн барса^ын. Мантан 15 км остоех тыылыгар тии~-
йэбит. Онно Нарев ерус кытыытыгар остоех 60 №-дээх дивизиятын
штаба балаакканан туЬэ сытар. Олору суох гынан баран, epyhy
туораан, унуор баар дэриэбинэни ылыахтаахпыт. Бу дэриэбинэ
Варшава туЬаайыытыгар саамай тирэх пуун”. Армия командую-
щайа итинник бирикээстээбит. БиЬиги иннибитигэр эмиэ естеех
инники кирбиитин маннайгынан то§у кетуу соруга суктэриллибит.
Халлаан сырдыан иннинэ биэс танкажа 30 буолан уллэстэн олорду-
бут. Дьэ уонна иннибит хоту харса суох ыстаннарыы буолла. Остоех,
уолуйан хаалан, дуоннаах утарсыыны онорбото. Халлаан сырдыы-
та шоссе^а ыстаннаран та^ыстыбыт. Дьэ манна естеех массыыната
бе^е айаннаан иЬэр эбит. БиЬиги олору, анаар кырыытыттан улту
солоон, ааЬан истибит. Сотору киэн толоонно киирдибит. Ол унуор
араас дьуЬуннээх балаакка бе§е тардыллыбыт. Танкалар тохтоло
суох ытыалыы-ытыалыы, ере суурдэн киирдилэр. Тиийбиппит не
мец бе^е ере адаарыЬа сылдьаллар эбит. Уолуйан хааланнар наар
куотар эрэ айдааннаахтар. Мин кердехпунэ, синньигэс ба^айы урэ^и
(Нарев epyhy) туоруур муоста^а дьулуЬаллар. БиЬиги ол дьону
кытта, а^ыс буолан, былааЬан хааллыбыт. БиЬиги муоста^а урут
тиийэр сыаллаахпыт, кинилэр унуор туоруур дьуккуердээхтэр. Ол
мучумаанна биЬиги муоста^а урут тиийдибит. Дьэ уонна ейдеруттэн
тахсыбыт немецтэргэ утары уоту астыбыт. Дьон кэмэ суох суулла-
рын мин онно кербутум. Отут мунуутэ кэринэ ныЬыйсыы кэннит-
тэн, естеех биэс бомбардировщига биЬигини туЬулаабытынан кэл-
бэттэр дуо?! НэЬиилэ туора суурэн тыыннаах ортубут. Били
муостабытыттан туох да хаалбата. Ити кэмнэ биЬиги ротабыт си-
тэн кэлэн унуор туораабыта.
Онно этэ кыргыЬыы киэнэ кытаана^а. Гранатанан сабыта бы-
рахсыы, автоматынан тирэЬэн туран ытыЬыы. Бутун ротаттан суурбэ
22. ---------------------------------------------------------------------------- —----------------

