Page 43 - Куурээннээх улэ сылларыгар
P. 43

дьон-сэргэ туруорар боппуруостарыгар, наадыйыыларыгар бол-
    домтолоохтук сыйыаннаспыта. Онон кини Алдан оройуонун
    улэйиттэрин ортотугар сотору билиниини ылбыта.
       Михаил Егорович Попов Саха АССР тохсус уонна онус
    ынырыылаах урдуку Сэбиэтин депутатынан талыллыбыта,
    хаста да правительственнай надарааданан бэлиэтэммитэ. Саха
    АССР оскуолаларын утуелээх учуутала этэ.
       Мин Михаил Егоровийы кытта студенныы сылдьыахтан
    табаарыстаспыт уонна уонча сыл биир системада, биир
    оройуонна улэлээбит буоламмын (ол да кэнниттэн сибээс-
    питин быспатахпыт) кийи быйыытынан, ыал адатын уонна
    улэйит быйыытынан дьыалабыай хаачыстыбаларын барытын
    билэрим уонна ейдуурум, ейуурум.
       Михаил Егорович найаа сэмэй кийи этэ. Уерэнэ да сылдьан,
    улэйит буолан да баран Советскай Союз Геройа убайдаадын
    кимиэхэ да кэпсии сатаабат буолара. Дьининэн, адьас чугас
    хаан-уруу аймада буоллада дии. Улэтигэр бийиги ону кыайды-
    быт, маны хоттубут эн'ин диэн олох арааппардаабат этэ. Хата,
    куруутун саиаттан сана идеялардаах, этиилэрдээх буолара.
       Михаил Егорович улэдэ, олоххо мындыр кийи этэ. Олоду,
    улэни сурдээх ылыннарыылаахтык анализтыыра, онно олоду-
    ран еге керуулэрдээх эмиэ буолара.
       Михаил Егорович кийи быйыытынан дууйата найаа чараайа.
    Кыраттан да уерэрэ, хомойоро. Дууйата долгуйбут тугэннэ-
    ригэр народнай поэт Леонид Попов “Хоптолор” диэн ырыа-
    тын таптаан ыллыыра. Онно этиллэрэ:
                   Киэйээнтги муорада мунньустан
                   Хоптолор дайбантгыы кетгулэр,
                   Ол онно мин санаам мунчааран
                   Хотугу дойдубар тиийээхтиир...
       Михаил Егорович 1983 сыллаахха ыам ыйын 8 кунугэр эмис-
     кэ ыалдьан 52 саайыгар елбутэ.
        Михаил Егорович кэргэнинээн Матрена Афанасьевналыын
     икки уол, биир кыыс одолоохторо. Олортон аччыгыйа Сергей
     хойоон суруйарыттан адата уерэрэ. Хомойуох ийин, Сергей
     кылгас уйэлээх буолбута. Кыыйа Валяны найаа таптыыра.
     Адатын бадатын толорон Валя быраас буолан, ыал буолан
     учугэйдик олорор.
                                                                     41
   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48