Page 28 - Николай Кривошапкин. Алгыһынан арчыламмыт аартык
P. 28

Николай  КРИВОШАПКИН                                         24


          —  Үлэ  Албан  аата  уордьан  III  степеннээх  кавалера,
          Саха  Республикатын  транспорын  үтүолээх  үлэһитэ,
          Филипп  Петрович  —  Саха  Республикатын  култуура-
          тын үтүолээх үлэһитэ,  Российскай Федерация суруна-
          лыыстарын  сойууһун  чилиэнэ.  Петр  Петрович  уонна
          Филипп  Петрович  — Уус Алдан улууһун уонна  Өлтох
          нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо.
             Дьэ,  бу дьон,  билигин  хайыы-үйэ  улахан  дьиэ  кэр-
          гэн  аҕата-ийэтэ,  эһэтэ-эбэтэ  буолан  олорон,  кинилэ-
          ри  ыраахтан харыһыйа,  арыаллыы сылдьар Арыылаах
          алаастарын  санаан  ылаллар.  Манна,  ити  уулуссанан
          сүүрэн-котон,  сырсыакалаһан-туорахтаһан,  бу  тэлгэ-
          һэ күонүттэн тэлэһийэн  олох киэҥ-куоҥ аартыгар үк-
          тэннэхтэрэ.  Бу  эҥээр  олорор  дьон-сэргэ  бэркэ  диэн
          ойдүүр  эбээт,  Бэстирикиэптэр сайыҥҥы сынньалаҥна-
           рыгар  кирпииччэ  үктээн,  кус  ферматыгар,  от-мас  тү-
           бүгэр-садьыгар  буһан-хатан унньуктаах уһун кыһыны
           бэлэмнээх  корсоллорүн.  Онтон  сылы  эргиччи  мае  эр-
           бээһинэ,  хайытыыта,  кыстааһына,  муус  ылыыта,  хаар
           күрдьүүтэ  курдук  бытархай  үлэлэр  бииртэн-биир  кэ-
          лэн иһэллэрэ.
             Филипп Петрович Бэстирикиэптэр дьиэ кэргэттэри-
           гэр  күүтүүлээх  үһүс  оҕонон  Аҕа  дойду Улуу  сэриитэ
           бүппүтэ  түорт  сыл  ааспытын  кэннэ,  аар  Ийэ  айылҕа
           ситиэҕинэн  ситэн,  симэниэҕинэн  симэнэн турдаҕына,
           от  ыйын  21  күнүгэр  Орто  дойду  уйгулаах  сиригэр
           үктэммитэ.  Филя,  дэриэбинэ  оҕото  барахсан,  айылҕа
           сылаас түһэҕэр атах сыгынньах тотторү-таары сүүрэн
           биэрэстэһэн, ыраас, чэбдик мүоттээх салгыны эҕирий-
           бэхтээн,  күүс-уох  эбинэн  сиһин  этэ  сиппитэ,  буутун
           этэ буспута,  холун этэ хойдубута.
              Хайа  да  нэһилиэк  дьоно  бэйэтин  чол  ойүнэн  сир-
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33