Page 111 - Суруллубут суоруллубат
P. 111

СУОРУЛЛУБАТ 8                                                          f 107


               ГЕРОЙ ЕГОРОВ ААТЫНАН СОВХОЗ ДИРЕКТОРЫНАН
                                УЛЭЛЭЭБИТ КЭМНЭРИМ

                 (Герой Егоров аатынан совхоз 45 сыллаах убулуойугэр ахтыы)


              1987 сыл саас ыам ыйын санатыгар,
         Кыайыы кунун быраайынньыга буолара а§ы-
         йах хонук хаалбытын кэннэ, партия райкомун
         бастакы секретара Игорь Георгиевич Гаври-
         льев ыныран ылан: “Герой Егоров аатынан
         совхоз директора Егоров Иван Иванович
         атын улэ§э барарынан миэстэтэ босхолонор
         буолла, онно тахсан улэлиэи дуо?” - диэтэ,
         онуоха мин сир аннынан кэпсэтиилэр баал-
         ларын билэр уонна бэйэм да бэйэбин били-
         нэн улэлиир ба^алаах буолан, тута себулэс-
         питим. Ол кэмнэргэ совхоз директора партия
         обкомун номенклатура™ гар турара, обком
         бюротун уураа§ынан бигэргэниллэрэ. Инньэ
         гынан ыам ыйын 8 кунугэр буолар обком бю-
         ротугар баар буола^ын диэтилэр.
              Оччолорго суол хаайтарыытын кэмэ
         буолан, “АН-2” самолет эрэ кетере. Уочара-
         та элбэ^э, ойо^ос тосторунан анньыйыы, хастыы эмэ хонук кете сатаайын... Ону
         ол диэбэккэ, райком броньынан уочарата суох бастакы самолетунан кетен, Ма-
         §антан обкомтан анаан ыытыллыбыт массыынанан бэрт тургэнник тахсан, оччо­
         лорго обком тыа хайаайыстыбатын дьайайар секретара М.Е. Николаев приемугар
         киирдим. Михаил Ефимович бэрт эйэ^эстик керсен, эдэр сылдьан улэлии сыл-
         дьыбыт буолан, Танданы бэркэ диэн билэрин, дьоно-сэргэтэ улэйитин, сирэ-уота
         учугэйин, урукку салайааччылар ылбыт кирбиилэрин аччаппакка ере тайаарар-
         бар, ситийиилээхтик улэлиирбэр мэктиэлээтэ, ол кэнниттэн тута обком бюротун
         мунньа^ар киллэрдилэр. Улахан ба§айы залга бэрт элбэх кийи баар буолан, дол-
         гутуулаах тугэннэр уескээн ыллылар, ол да буоллар зал биир уйугар бэрт ыраах
         олорон, обком бастакы секретара Ю.Н. Прокопьев бэрт холку куолайынан: “т. Ко­
         стромин Николай Николаевич Уус-Алдан оройуонун Герой Егоров аатынан совхоз
         директорын дуойунайыгар рекомендацияланар, кэпсэтиилэр сепгеех тайымиа
         бардылар, эбии ыйытыылар бааллар дуо?” - диэбитигэр: “суох” - диэн буолла.
         ’’Николай Николаевич, эн партия уобаластаа^ы комитетын бюротун уураа^ынан
         Герой Егоров аатынан совхоз директорынан бигэргэннин, онон э§эрдэлиибин уо­
         нна ситийиини ба^арабын”, - диэн Ю.Н. Прокопьев тумуктээтэ.
              Мунньах кэннэ массыынанан Ма^анна киллэрэн, самолекка олордон биэр-
         дилэр, уйэбэр биирдэ Дьокуускай-Боро§он икки ардыгар саамай хаайтарыы кэми-
         гэр кунунэн куоракка киирэн, Уус-Алдан историятыгар саамай эдэр 31 саастаах
         совхоз директорынан бигэргэнэн тахсан турардаахпын.
              Совхоз хайан да кураанна ылларбат, тейуу улэйит дьоннордоох, бутун Союз
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116