Page 12 - Улэттэн дьоллонон
P. 12
диэри аадарга уерэппиттэрэ. «Арамаан уорэхтээх киИи буолуо» диэн
киЬиргэтэ-киЬиргэтэ тебебун имэрийэллэрэ бу баар курдук. Ити да
биирдэ эмит киэИэ утуйуох иннинэ буолара. КунуЬун улэттэн ордон
ким да 050 керен олорорун ейдеебеппун.
Биирдэ дьукаахпыт Балаадыс уола Дьегуессэ (Жирков Георгий
Николаевич): «Оскуолада киирдэххинэ буукубаны уерэтиэхтэрэ «А»
буукуба эн адан атын дудатын туора таппыт курдук», — диэбитин
сурдээдин дьиктиргээн истибитим уонна кун бугуннэ диэри «А»
буукубаны аан маннай хайдах билбиппин санаан кэлэбин.
Онон оскуолада киирэрбэр суускэ диэри доргуччу аадар уонна
«А» буукубаны билэр этим. Ону таЬынан ийэм, адам, дьукаахта-
рым бары: «Арамаан уорэхтээх кийи буолуо», — дииллэрэ санаабын
кетедере, уерэххэ-сырдыкка угуйара. Уорэхтээх дьон учугэйдэрин
туЬунан кэпсэтэллэрин сэргии истэрим.
Сайын сайылыкка олордохпутуна, оскуолада киирэр одолору
испииЬэктии олус кыраЬыабай эдэр кыыс кэлбитин ийэм чэйдэппи-
тэ, туту эрэ кэпсэтэллэрэ. Кэлин ийэм этэринэн, учуонай Дьегуерэп
кыыЬа, Егорова Анна Алексеевна эбит. Дьегуерэптиин ийэм биир
Тиит Арыылар, II Байадантайдар.
Оскуолада барар кунум бу тирээн кэлбитэ. Сана этэрбэс уонна
туох эрэ танас бэлэмнэммитэ. Миигин кытта оскуолада эдьиийим
Таанньа барар буолбута, урут уорэнэн керен баран ыалдьан ситэ
уерэммэтэх эбит.
Сарсыарда адам эрдэ тэлиэгэдэ ат келуйэн Хомустаах одолорун
Томторго оскуолада тиэйэн киллэрэр буолла. Мин дьиэбиттэн,
сайылыкпыттан аан маннай арахсар тугэним тиийэн кэлбитэ. Син
ытаабакка эн ин одолору кытта уерэ-кете тэлиэгэдэ олорон айаннаан
барбыппыт.
Муру эбэни аан маннай керен сурдээдин соЬуйбутум. КуЬунну
былыта суох ыраас куннэ ессе кэнээн, уладата кестубэт биир куех
тунал буолан мэндээрэ кестубутэ. Кэлин билбитим, икки Эбэ икки
ардынан (Аччыгый Эбэ уонна улахан Эбэ) силбэЬиитигэр адам атын
тохтотон барыбытын тэлиэгэтгэн туЬэрбитэ. Сатыы хаамсан бар
быппыт. Онно олус кутгаммытым, билии икки ертунэн эбэлэр уула-
ра бу килэйэ сыталлара. КиЬи мэйиитэ эргийэн, кутгаммыт санаа-
бар, ууга туЬуех курдук этим.
Онтон эмиэ бары тэлиэгэдэ олорон айаннаабыппыт. Сотору буо-
лаат, дьиэлэр кестубуттэрэ. Кэллибит дэспиттэрэ. Одолор уерэ-кете
дьиэдэ киирбиттэрэ. Мин адам таЬыттан ханна да барбаппын, онтон
адабынаан дьиэдэ киирбиппит. Хайа эрэ билбэт одолорум бааллар.
Одолор номнуо оонньоон эрэллэр эбит.
Адам миигин сиэтэн киирэн биир эмээхсини кытта кэпсэтгэ. Ол
кэмнэ одолор миигин ыныран ылан, сурдээх дьикти, саллаат кур-
8

