Page 275 - Кун кууьар хайатыттан
P. 275
Зуура саҥарбат.
Тоҕо саҥарбаккын? Ити куһаҕан ээ, чиэһинэйэ суох... Тугу
эмэ саҥарыый, көрдөһөбүн...
Зуура санарбат.
Акылбек ыараханнык олоппоһутган туран, аан диэки барар.
Зуура (Акылбегы ситэн ылан ытыы-ытыы). Аҕаа! Эрэйим
да эбит, эрэйим!.. Бу кэриэтэ олох да төрөөбөтөҕө буоллар!
А к ы л б е к тахсар.
О н о л к а н (киирэн иһэн). Туох ааттаах марылаатыҥ? Бэ-
йэҥ буруйдааххын! Буһарбыт хааһыгын сииргэр тиийэҕин.
Ытаа да ыллаа!
Зуура. Миэхэ онто да суох ыарахан. Эн ону Togo сэтэрии-
гин? Хайдах киһини өйдөөбөккүн?
О н о л к а н. Тугу өйдөтөөрү гынаҕын? Миигин олох акаа-
ры диигин дуо? Бу чобуорхайбытын көрүҥ эрэ! Өйдөөх да
барахсан! Эн ол кэриэтэ эт эрэ миэхэ, Togo бу дьиэҕэ атын
оҕону аҕаллыҥ? Ким кинини ыҥырбытыгар?
Зуура. Атын оҕо да? Хайдах атын буолуой, бэйэм оҕом
дии! Миэнэ! Истэҕин дуо? Миэнэ!
О н о л к а н. Эйиэнэ дуо? Ама дуу? Кэллэ кэлээт, саадка
үүнэн турар мастары алдьатта. Мин ити чиччиги көрүөхпүн
да баҕарбаппын. Аһыырын уонна саахтыырын эрэ билэр.
Итинтикэйгин киэр гын!
Зуура. Хайдах итинник этэҕин, ийээ? Сөбүлээбэт буол-
лаххына, искэр тутуоххун.
О н о л к а н. Эн талбыккынан буолууһу дии! Бэйэм дьиэ-
бэр баҕас тугу гынарбын эйигиттэн ыйытыам cyoga?
Зуура. Эн итини эһэтэ баарына тоҕо эппэтиҥ?
О н о л к а н. Өйдөөҕүмсүйэн бүт! Туора киһи баарыгар To
go этиэхпиний! Арба били ogOHHbop ыраата илик. (Түннүгүнэн
көрдөрөр.) Ол бакаалаан эрэр!
Зуура толкуйдаан турар.
О н о л к а н. Togo TypagbiH? Уолгун ыҥыра ogyc! Мин
ogOHHbopy тохтотуом.
Зуура. Суох-суох, ийээ! Дженишбек эйиэхэ туора ogo
буолбатах! Дьиэттэн үүрүмэ кинини.
273
18-18

