Page 65 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 65

улуу  поэт  тахсыах  этэй,  хайдахтаах  элбэх  кэрэ
       айымньылары  айбыт  буолуо  этэй?!  Саарбахтаа-
       бакка  этиэхпин  баҕарабын:  баһаам  дьону  сох-
       торбүт  буолуох  этэ!  Билигин  даҕаны  эдэркээн
       сылдьан айбыт бу сиэдэрэй айымньыларынан саха
       тыллаах  баарын  тухары  ыллана-ааҕылла  сыл-
       дьыаҕа,  саха  литературатын  биир  умнуллубат  су-
       луһа  буолан  чаҕылыйа  туруоҕа.  Ити  санаабын
       Иван Арбита  бэйэтин  аатырбыт  "Долгуннар"  диэн
       омонимическай  поэматыттан  түмүктүүбүн.  Онно
       кини,  мин  санаабар,  олоҕун долгуннаах орүһүнэн,
       бэйэтин ону унуор харбаан туоруур киһинэн сим-
       воллаан  биэрбит.  Ол  аата  ыар  олоҕу  туораан,  ол-
       бот-сүппэт үйэлэниэм диэбит курдук:
             Мин  санаам ыарахан  тимирэ
             Долгуну туоруурга  сорунан,
             Киэҥ  уөскэ тимирэ-тимирэ
             Куорэйдэ тыын  быстар  сорунан.

             Силлиэ тыал  часкыйан  ытыырын
             Улахан  куттал диэн корбекко,
             Туораатым  курулгэн  ытыырын
             Харахпынан кэннибин  корбөккө.
             Этиҥнээх  буурдабыт  аһынна,
             Мин  буллум  урду к таас хайабын.
             Тыал тодо  бу миигин  аһынна?  —
             Биллэдэ мин киммин-хайабын.
             Киэҥ халлаан  аһаҕас уолугар
             Буурда  тыал курэнэн  хааллар  да,
             Тыл  ууһа тойуксут уолугар
             Бэйэтин  бэлиэтин  хаалларда.

             Ол  бэлиэ  сурэхтэн  сууллубат
             Мин  урдук ыллыкпын  ыйыада.
          Уһулуччулаах  поэт  Иван  Арбита,  кырдьык,  би­
       лигин  саха  уус-уран  литературатын  "умуллубатах
       сулуһа",  кини  поэзиятын  "сууллубатах  маяга"
       буолла!




                              63
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70