Page 7 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 7

Алгыс тыл


       /"Лскуолатааҕы  сааһыттан  күн  бүгүҥҥэ  диэри
       С/хоһоон  суруйуутунан  утумнаахтык дьарыктанар
       поэтесса Сахаайа  Ермолаева бэчээккэ саҥа бэлэм-
       нээбит  "Күөрэгэйим  ыллаата"  диэн  хоһооннорун
       хомуурунньугун  аахтым.  Үс  салаалаах:  бастакыта
       "Иэйии имнэниитэ"  (1995-2000  сс.);  иккиһэ "Сүүс
       санаа  —  сүүс  хоһоон"  (2000-2010  сс.);  үсүһэ  —
       "Толкуй аанын тоҥсуйабын" (гимназиятааҕы ыста-
       тыйалар).
          Мин бу алгыс тылбын  30.06.2004 с.  "Эдэр  саас"
       хаһыакка  тахсыбыт  "Сахаайа  хоһоонноро  дириҥ
       түөһүүлээхтэр"  диэн  дьоҕус  ыстатыйабьгнан  саҕа-
       лыыбын.
          "Быйыл эдэр автордар өтөр буолбатах республи-
       катааҕы  сүбэ  мупньахтарыгар  киэҥ  кэпсэтиһии,
       айымньылары ырытыы түмүгэр айар ыччат элбээн
       эрэрэ  бэлиэтэннэ.  Олортон  "Саха  сирэ"  хаһыат
       муус  устар  9  күнүнээҕи  №-гэр  оскуолаҕа  үөрэнэр
       эрдэҕиттэн  дьарыктанар  Сахаайа  Ермолаева  хо-
       һоонноро  бэчээттэммитэ.
             Харчыта  суоҕу харчылаах  сэниириттэн
             Хааным тоҕо хамсыырый?
             Кырдьык ситэри  этиллибэтиттэн
             Кыламаным  тоҕо ууланарый?

             Суулук,  албын  уксууруттэн
             Сурэдим тодо мөхсөруй?
             Сымыйа хайҕабылга  тиксэриттэн
             Сымыһахпын.  то§о  быһа ытырабын?
          "Тоҕо?"  диэн  хоһоон  бу  тылларыгар  эдэр  саас
       курустааллыы  ыраас майгыта  арыллар.  Ким  бары-
       та  ийэттэн  кирдээх  төрөөбөт.  Кэлин  хайдах  оло-
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12