Page 33 - Дорообо оскуола
P. 33

УЛУУ КЫАЙЫЫ 80 СЫЛА

                   Ыам ыйын 9 күнүгэр дойдубутугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн
             - Кыайыы күнэ. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, аан дойду-
              ну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын
              тиэрдэбит!
                   1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия сэриилэрэ
              сэрэппэккэ эрэ, биһиги дойдубутугар сэриинэн түөкүннүү саба түспүттэрэ.
              Тыһыынчанан эр дьон Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр туруммуттара. Дой-
             дуну көмүскүүргэ, халабырдьыттартан босхолуурга хаан тохтуулаах, кы-
              рыктаах кыргыһыылар саҕаламмыттара.
                   Сэрии кэмигэр тыылга эмиэ күүстээх үлэ тэнийбитэ. Тыылга эр дьон
              күүстээх үлэтин дьахталлар, обургу оҕолор, кырдьаҕастар толороллоро.
             Ханна баҕарар дьон аччыктыыра, өлүү-сүтүү үксээбитэ. Элбэх оҕо төрөп-
              пүттэрин сүтэрбитэ.
                   Сэрии түөрт сыл устата салҕанан барбыта. 1945 сыллаахха сэбиэс-
              кэй байыастар кырыктаах өстөөҕү арҕаҕар тиийэн үлтүрүппүттэрэ, тө-
              рөөбүт дойдуларын босхолообуттара. 1945 сыл муус устар 30 күнүгэр
              сэбиэскэй саллааттар М.А. Егоров уонна М.В. Кантария Берлиҥҥэ самны-
              быт фашистскай Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы былааҕын тэлимнэппиттэрэ.
                   Быйыл Улуу Кыайыы ситиһиллибитэ өрөгөйдөөх 80 сылын бэлиэтээ-
              тибит.







































                                                                   ПОБЕДА!
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38