Page 89 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 89

II                                                                          II




























                             ӨРӨГӨЙ ЫҺЫАҔА

              Сэттэ уон сыл анараа өттүгэр Тойон Мүрүбут биир мааны-
   ..........лаах миэстэтигэр Хос Үрэх синньэ солко сибэккитэ ситэн-хотон
        турдаҕына, Улуу Кыайыыны уруйдуур-айхаллыыр улууспут
        Өрөгөй ыһыаҕа ыытыллыбыта үһү диэн билиҥҥи көлүөнэ дьон
        сураҕын эрэ истэбит. Ол киэҥ тэрээһиннээх ыһыахха оҕустаах-
        аттаах бөҕө мунньустан бэс ыйын 22-24 күннэригэр үс күннээх-
        түүн устата көрү көҕүлүттэн, оонньууну оройуттан туппуттар.
        Күүстээхтэр күрэс былдьаспыттар, кыыда кылыыһыттар кы-
        лыйан кыырайбыттар. Оһуохайы олоҥхо баһыйбыта, олоҥхону
        тойук солбуйбута, ас бөҕө амтаннааҕа астаммыта, кымыс бөҕө
 Похтааҕа иһиллибитэ үһү.
              Хомойуох иһин, ити «Кыайыы ыһыаҕа» үс күн тухары хай­
   ,,,, дах ыытыллыбытын туһунан тоҕо эрэ сиһилии суруллубута
        биллибэт. Ол да буоллар, өстөөҕү самнарбыт, Улуу Кыайыыны
        уруйдаабыт улахан ыһыах туһунан төһө кыалларынан санаа
        атастаһыаҕы баҕарыллар. Тоҕо диэтэххэ, улууспут сэһэн-сэппэн
        кырдьаҕастара тоҕо эрэ Улуу Кыайыы ыһыаҕын атыттартан чор-
        боччу тутан кэпсээн оҥостоллоро. Бастатан туран, ол Кыайыы
        ыһыаҕар оҕо, эдэр саастарыгар сылдьыбыт дьон тугу өйдөөн
        хаалбыттарын сурукка бэлиэтээн хаалларыаҕы баҕарыллар:
   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94