Page 13 - Презентация PowerPoint
P. 13

Кырчакова Евдокия Михайловна



                          КЫРЧАКОВ АЛЕКСЕЙ ПЕТРОВИЧ (1917-1975)



       1917  сыллаахха  Хоро  нэһилиэгэр  Куотука  чугаһыгар  Бараах

       арыылааҕа  диэн  алааска  төрөөбүтэ.  1941  сыл  атырдьах  ыйын  12


       күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыта. 1943 сыл хаҥас илиитин тоһутгаран,

       атаҕар, өттүгэр бааһыран эргиллибитэ. 1949-1957 сс. Кэбээйигэ, Таас


       Тумуска газ көрдөөһүҥҥэ үлэлээбитэ. Онтон төннөн кэлэн «Победа»,


       «Маяк» колхозтарга үлэлии сылдьыбыта. Кэлин Курбуһах нэһилиэгэр

       совхозка үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. 1975 сыллаахха өлбүтэ.



                         КЫРЧАКОВ НИКОЛАЙ ПЕТРОВИЧ (1905-1951)


       1905  сыллаахха  Хоро  нэһилиэгэр  Куотука  чугаһыгар  Бараах


       арыылааҕа диэн алааска төрөөбүт. 1943 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр

       армияҕа  ыҥырыллыбыт.  Японияны  утары  сэрии  кыттыылааҕа.  1947


       сыллаахха демобилизацияламмыт. 1951 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18