Page 5 - Презентация PowerPoint
P. 5
Аччыгый уол Еремей 1942 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта..
Кини барыта 26 сыл учууталынан, оскуола сэбиэдиссэйинэн, алта сыл
Суотту нэһилиэгин Сельсоветын председателинэн үлэлээбитэ.
Кэтэхтэн үөрэнэн Саха государственнай университетын бүтэрбитэ.
Кэлин Майаҕас орто оскуолатыгар үлэлии сылдьан, пенсияҕа
тахсыбыта. Е.Г.Крылов Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденын
уонна 14 бойобуой, үлэ мэтээллэрин кавалердара. Хоро нэһилиэгин,
УусАлдан оройуонун Бочуотгаах олохтооҕо Майаҕаска олорон
ыалдьан 86 сааһыгар өлбүтэ.
Гоголев Дмитрий Гаврильевич- (Иитиигэ барбыт)
Дмитрий Гаврильевич Хоро нэһилиэгэр Крыловтар дьиэ-кэргэттэригэр,
1916с. ыам ыйыгар 3 оҕонон төрөөбүтэ. 1941 сылтан байыаһынан
1948с. Диэри сулууспалаабыта.

