Page 1 - ТУЛААЙАХСЫЙЫЫ
P. 1

ТУЛААЙАХСЫЙЫЫ


                  Санньыар курус күннэрбэр

                  Ким кэлэн сэргэхситиэй?


                  Улук буолбут дууһам муҥун

                  Ким кэлэн аралдьытыай?




                                  Хоһум иһэ хобдох курус


                                  Нүһэр хара былыт курдук.


                                  Эдэр сааһым кэрэ кэмин

                                  Олус суохтаан саныыбын.




                  Бэйэм көлүөнэм дьоно


                  Күн-түүн аҕыйыыллар,


                  Ирэ-хоро кэпсэтиэҕи

                  Саастыылаахтар көстүбэттэр.




                                  Айгыр-силик орто дойдум,


                                  Айбыт Айыым, аймах дьонум,

                                  Харахтарбар көстөҥҥүт


                                  Аралдьытан аастаргыат.




                  Чаран 27.04.1997 с.
   1