Page 83 - Ахтар ытык иэстээхпит
P. 83
XX үйэ устуоруйаҕа хаалла. Хаалла аҕаларбытын, эһээлэрбитин
"Туман буолбут хонуктар тумулларын кэгэҕэр" хаалларан, киһи-
аймах олоҕун өссө биир кэрдиис кэмэ буолан. Олох уонна
устуоруйа, устуоруйа уонна олох. Бу икки өйдөбүл быстыспат
ситимнээх. Онон биһиги ыччаппыт үтүө киһи буолан тахсыан
баҕарар буоллахпытына устуоруйабытын биллэриэхтээхпит. Онтон
киһи устуоруйата бэйэтин дьиэтин кэргэнин олоҕуттан
саҕаланарын билбэт киһи суох буолуохтаах. Ол аата аҕаларбыт,
эһээлэрбит олохторун билиибит устуоруйаҕа сиэтэн киллэрэр сүдү
күүс буолан, оҕолорбут барахсаттар үчүгэйи, куһаҕаны араара
үөрэнэр оскуолаларынан буолуохтаах.
Биһиги, сахалар, удьуор үөрэҕэ диэн былыргы дьылтан
бүгүҥҥү күҥҥэ диэри илдьэ кэлбит олус дириҥ ис хоһоонноох
сүҥкэн кылааттаахпыт. Ону иитиигэ, көдьүүстээхтик киллэрэргэ
билиҥҥи олох кыахтарын таба туһаныахтаахпыт. Холобур, бу
Стручковтар аҕаларын туһунан кинигэлэрин курдук хас ыал аайы
баар буоларын ситиһиэхтээхпит. Онтубут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
бэриллэн өссө кэҥээн, дириҥээн, байан иһиэхтээх. Оннооҕор
сурук-бичик суох эрдэҕинэ өбүгэлэрбит барахсаттар манна сүҥкэн
суолтаны биэрэн, уос номоҕо оҥостон, ыччатгарыгар кэрэ кэпсээн
гынан хааллараллар этэ. Төрүччүлэрин тоҕус көлүөнэҕэ диэри
ааҕа билэллэрэ, туох үчүгэйдээхтэрин, мөлтөх өрүттээхтэрин
онтон көрөн сайыннара, туората сатыыллара. Билиҥни саха онтон
тоҕо хаалыахтааҕый? Бу үлүгэр техника муҥутаан сайда турдаҕына,
ол кыаҕы туһанар тоҕо сатаныа суохтааҕый? Түүлээх холбука
иһигэр буһаран көрдөххө сурукка киллэрэн үйэтитэр тылынан
кэпсээн оҥостордооҕор үйэлээҕэ өйдөнөр. Суруллубут суоруллубат
диэн өс номоҕо ону уот харахха этэр.
Стручковтар аҕаларын, эһээлэрин үйэтитэн кинигэ оҥорон
таһаарбыттара хайҕаллаах суол, батыһарга, үтүктэргэ үтүө холобур.
Дмитрий Иванович төһө да күн сириттэн бардар (букатын кэлбит
бу Орто дойдуга суох) кини олоҕо умнуллубат гына суруллан
хаалла. Күн-дьыл син-биир тохтоло суох субуллан муҥха
хотоҕоһунуу устуо. Олох күнэ биир иккиһинэн, иккис үсүһүнэн
солбулла туруо. Баар буола сылдьыбыт сүтүө, үйэлээх тутуу
диэбиппит эргэриэ, олох олорбут ааттыын умнуллуо. Онтон
Миитэрэй аата үс үйэ тухары салҕанар уос номоҕор кубулуйда.
Эһээбит, хос эһээбит, хос-хос эһээбит, өбүгэ эһээбит маннык
киһи этэ диэн кэнчээри ыччата билиэ, киэн туттуо. Бу буолар
билиҥҥи көлүөнэ ыччаты иитиигэ тугунан да кэмнэммэт кылаата,
норуотун, аҕаларын, эһээлэрин туһугар ытык иэһин толоруута.
XXI үйэ билии, саҥаны айыы. Техника балысханнык сайдар
үйэтэ. Олох өссө киэҥник хардыылаан иннин диэки дьулурҕатык
айанныахтаах. Ол тэтимнээх, балысхан айаҥҥа муоһатын сатаан
туппатах ыраах эһиллэр кутталлаах. Ону умнар олорор мутугу
кэрдиниигэ тэҥнээх. Аҕаларбыт, эһээлэрбит олорбут олохторо,

