Page 53 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 53

РУМЯНЦЕВ  ИВАН  ЕГОРОВИЧ
           1889  с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Үөрэҕэ
        суох.  1932  сылтан  хонуу  турук  үлэһитин  быһыы-
        тынан  биллэр.  1936  с.  үлэ  ударнигын  аатын  ыл-
        быт.  Сыллааҕы  үлэ  былаанын  161%  толорор  эбит.
           1946  с.  “Килбцэннээх  үлэтин  иһин”  медалы
        ылбыта.  Сэрии  кэнниттэн  сайынын  от  оттооһуну-
        гар,  ыһыыга, кыһынын от-мас тиэйиитигэр, таһаҕас
        таһыытыгар,  араас  үлэлэргэ  үлэлээбитэ.  Кырдь-
        ан,  ыалдьан  өлбүтэ.


                                        РУЯМҤЦЕВ  АНДРЕЙ  ЕГОРОВИЧ
           1886  с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Үөоэҕэ  суох.  Колхозка  1929
        сылтан  булчутунан  үлэлээбит.  Үчүгэй  булчут  буолан  1933  с.  ударник
        аатын  ылбыт.  Оитон  өссө  1934  с.  стахановец-булчут  аатын  ылбыт.  Сай-
        ынын  окко  үлэлиирэ.  Кырдьыар  диэри  булдунан  үлүһүйэн  үлэлээбитэ.
           1946  с.  “Килбиэннээх  үлэтин  иһин”  медалы  ылбыта.  Кырдьан,  ыалдь-
        ан  олбүтэ.


           РУМЯИЦЕВА  ЕФРОСИНИЯ  ГРИГОРЬЕВНА
           1888  с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Үөрэҕэ
        суох.  Колхозка  киириэҕиттэн  ыанньыксытынап  үлэ-
        лээбитэ.  Ыанньыксыттар  15  ынаҕы  кытта,  ньирэй-
        дэрин  бэйэлэрэ  көрөллөрө.  Сэрии  сылларыгар  үүт
        ыамын  сыллааҕы  былаанын  4-тэ  ыыллара,  ол
        быыһыгар  оттоһоллоро.  Армияҕа  ичигэс  таҥаһы
        тигэрэ,  кыргыттарын  көмөлөһүннэрэн.
           1946  с.  “Килбиэннээх  үлэтин  иһин”  медалы  ыл-
        быта.. Кырдьан, үлэни  кыайбат буолуор диэри  ыаннь-
        ыксытынан  үлэлээбитэ.  Ыалдьан  өлбүтэ.


                     РУМЯНЦЕВА  ДАРИЯ  АНДРЕЕВНА
           1919    с..  П  Өспөх  нэһилиэгэр  гөрөөбүтэ.  Колхозка
        араас  үлэлэргэ үлэлээбитэ.  1942  сылтан  ферма  сэбиэ-
        диссэйинэн  үлэлээбитэ.  Ферма  ньирэйин  95,4%  тыын-
        наахтыы  иитэри  ситиспитэ,  үүт  ыамын  былаанын
        106,6%  ферма  үрдүнэн  ситиспиттэр.  1946  с.  “Килби-
        эннээх  үлэтин  иһин”  медалы  ылбыт.
           Кэнники  колхозка  араас  үлэҕэ  үлэлээбитэ.  Онтон
        детсад  үлэһитэ  буолбута.  Кырдьаҕаһынан  пенсияҕа
        тахсыбыта.  1986  с.  ыалдьан  эмискэ  өлбүтэ.
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58