Page 83 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 83

“ Ү Ү Н Э Р   О Л О Х ”  К О Л Х О З  Ч И Л И Э Н Н Э Р Э :


                РУМЯНЦЕВА  АННА  ЕРЕМЕЕВНА
           1930 с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии
        ыар сыллара  кинини  4 кылаас үөрэҕинэн бүтэр-
        битэ.  Колхозка  үлэтин  оҕуруот  аһын  үлэтит-
       тэн  /оччолорго  хортуоппуй,  хаппыыста,
       с.үбүөкүлэ,  оҕурсу  о.д.а./  саҕалаабыта.  Онтон
       салгыы  сайыҥҥы  кэмҥэ  хонуу  араас  үлэлэри-
       гэр,  от  бурдук  хомууругар,  бүтэй  тутуутугар,
       кыһынын  хотонтон  саах  таһаарыытыгар,  оҕу-
       һунан  уу  баһыытыгар  үлэлээбитэ.  Оччолорго
       эмээхситтэр  уонна  дьахталлар  фроҥҥа  итии
       таҥас  тигиитигэр  ылсыбыттара.
          Кэлин  үгүс  сыллар  усталарыгар  оҕо  гэрил-
       тэтигэр  үлэлээн  пенсияҕа  тахсан  билигин  Дыгдаал  бөһүөлэгэр  олорор.

             РУМЯНЦЕВ  ВАСИЛИЙ  ИОСИФОВИЧ

          1930  с.  Г1  Өспөх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Оч
       чолорго  условия  суоҕунан  Найахыга  6-с  кылааһы
       бүтэрбэккэ  кэлэн  дойдутугар  30  км  сиргэ  почта
       таһыытыгар  ырыган атынан  үксүн сатыы сылдьан
       тоҥон-хатан  үлэлээбитэ.  “Үүнэр  олох”  к-зка  хо-
       НУУ>  сүоһү  үлэлэригэр  тохтобула  суох,  ол
       быыһыгар  сэрии  сылларыгар  туус  балык  бири-
       гээдэтигэр  кытта  үлэлэспитэ.  1950-52  сс.  Совет-
       скай  Армияҕа  службалаабыта.  Кэлээт  к-зка  биир
       төһүү  үлэһит,  көрсүө-сэмэй  бэрээдэктээх  буо-
       лан  улахан  убаастабылы  ылара.
          Кэлин  ыарыһах буолан  инвалидка тахсан уһун
       кэмнээх  ыарыыта  ыалдьан  1994  с.  өлбүтэ.


                    РУМЯНЦЕВ  ИВАН  ИВАНОВИЧ
          1930  с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төроөбүтэ.  Аҕата
       5  саастааҕар  өлөн  ийэтинээн  ыарахан  сыллары
       олус  эрэйи-кыһалҕаны  кыратыттан  билэн  уонна
       үлэҕэ  эриллэи  улааппыта.  Үөрэххэ  олус  баҕалаах
       буолан  оччотооҕу  олох  тэбиититтэн  туберкулез
       ыарыһах  буолан  эмтэнэ-эмтэнэ  1952  с.  орто  оску-
       оланы  бүтэрбитэ.  Салгыы  үөрэммэтэҕэ,  доруобуй-
       атынан  үрдүк  үөрэххэ  ылбатахтара.  Оион,  дойду-
       тугар  клуб  заведующайынан,  кэлин  радиһынан
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88