Page 154 - Неизвестное название
P. 154

Петров Михаил Васильевич
                                                                            (1939 с.т.)*
                                                                Михаил Васильевич-Мэхээс, Сивцевтэр ийэлэрэ - Петрова
                                                              Анна Михайловна (1923-1975) сиэн быраата этэ. Мэхээс адата,
                                                              Анна бииргэ тереебут убайа Петров Василий Михайлович диэн
                                                              Бэрт Ууйун нэйилиэгиттэн бастакы хомуурга сэриигэ ынырыллан,
                                                              сэрии хонуутугар кыргыйыыга олодун биэрбит кийи этэ. Уолчаан
                                                              эдьиийинээн сэрии садаланыытыгар тулаайах хааланнар, эдьиийэ
                                                              бэрт эрэйинэн инчэдэй тирбэдэ быстыбатынан тулаайах быраатын
                                                              ииппитэ. Ол аас-туор сылларга бэйэтэ бэрт эдэркээн кыыс, 1941-1947
                                                              сылларга, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Мэхээс Орто Эбэ сэттэ
                                                              кылаастаах оскуолатыгар интэринээккэ олорон, уерэнэн бутэрбитэ.
                                                                Кини одо саайын туйунан табаарыйа Россия Суруналыыстарын
                                                              союйун чилиэнэ Портнягин Гаврил Гаврильевич «Сир ууйа Ньукулай
                                                              Сиипсэп» диэн кинигэдэ маннык суруйбута баар: «Мэхээби олох
                                                              оро сааспар убай туттан, батыба сылдъарым. Кэлин Орто Эбэ
                               оскуолатыгар 5-6-с кылааска уерэнэ тиийэн баран, керсубутум. Мэхээс кыра эрдэ^иттэн бэйэтин
                               лаппа кыанар, дъшгнээх халбас харата, сымса оро этэ. Лаппычах боре-тара унуохтаах эрээри,
                               илиилэрэ убуннара, тарбахтара туохха барытыгар сымала курдук сыста тубэллэрин, туттулар
                               да ыбыктыбаттарын ейдуубун. Оччолорго одолор муста эрэ тустэрбит, уолуттан-кыыбыттан
                               тутулуга суох, охторсо ооннъуур этибит. Ким охтубут ооннъууттан туораан ибэрэ. Мэхээби
                               кытта биир-бииргэ туруулабан, сирэй тустар оро суох буолара. Хайаан да Мэхээби утары икки-ус
                               эр бэртэрэ утары киирсэллэрэ. Дьэ, онно Мэхээс Yерэрэ-котеро, абара сылбырратык туттара,
                                биир тылынан эттэххэ, мааба табыллара. Барыбытын бэйэ-бэйэбит урдугэр суулаталаан
                               баран, «бэ-бээх» берену тубэрэн, кулэрэ-салара. Кини ороттон табыччы кыахтаара ордук лапта
                                ооннъуутугар ойуччу биллэрэ. Мээчиги биирдэ да муччу туппат этэ. Абары куускэ бырарара,
                                бэйэтэ куотардыы хабан да суурбэт этэ. Мээчиктээх бырарар кибиэхэ мэлдъи иннинэн буолара.
                                Оролор тебе да чорбоччу чугастан Мэхээби таба бырарыахпыт диэн эрэммэт этилэр, абаран
                                биэрбитэ эрэ баар буолара.. Олох ыксаабатарына, бырахпыт мээчиктэрин охто да сытан, хабан
                                ылара, уонна ханас илиитинэн бэйэлэрин бырараттыыра. Алын кылаас одолоро Мэхээс абара
                                куускэ бырараттыырыттан куттанан, ооннъообот буолаллара. Оччоро кини ол орону бырарыа
                                суох буолан, ооннъууга киллэрэрэ. Хаамыскара, хабылыкка, хайа барарар ооннъууга астынан туран,
                                кулэрэ-салара, уерэрэ-кетере».
                                  Мэхээс уелээннээхтэрин кытта сайын аайы холкуостарыгар от-бурдук хомууругар кемелеhеллеро,
                                сааскы каникулларыгар оттук мае бэлэмнииллэрэ. 1957 сыллаахха Мирнэй куорат тутуутугар бада
                                еттунэн барар, онон кини Саха сирин ыччатыттан Мирнэйи бастакы тутуспуттартан биирдэстэрэ.
                                Оччолорго ыччаттар палааткаларынан олороллоро. Ол сылдьан, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр
                                сулууспада ынырыллыбыта. Ус сыл энкилэ суох сулууспалаан кэлээт, эмиэ Мирнэйигэр тиийбитэ
                                уонна онно олохсуйбута. Аармыйада да сылдьан, тустарын бырахпатада, кэккэ ситийиилэрдээдэ.
                                Сотору кэминэн Сунтаартан сылдьар Фатима диэн кыыстыын таптайан, холбойон, ыал буолбуттара.
                                Михаил Васильевич Петров Ис дьыала министерствотын улэйитинэн пенсияда тахсыар диэри
                                милиционерынан улэлээбитэ. Сулууспада звание да урдээйинэ, надараада да элбэх кийитэ этэ.
                                Петровтар икки уол одоломмуттара. Хомойуох ийин, улахан уоллара эдэр саайыгар олохтон туоруур.
                                Сотору кэминэн Петров Михаил Васильевич олохтон туораабыта.
                                                                                                                     Марфа Одорусова












                                                                                  154
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159