Page 116 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 116
«Память» кинигэҕэ суруллубутунан, 1943 сыл сааһыгар геройдуу
өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. («Памятъ» кинигэ III тома, 28
стр., А-542.)
ИННОКЕНТИЙ
ИННОКЕНТЬЕВИЧ АТЛАСОВ
-Тээниэс уола
1923 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр
төрөөбүт. Аҕата - Иннокентий Афанасье-
вич Атласов (Тээниэс). Эбэҕэ Тоҥсоҕой
үрдүгэр олоро сылдьыбыттар. Кэлин
Биллээх ррдүгэр дьиэ туттан олорбуттар.
«Биллээх» колхоз тэриллибитигэр хонуу
үлэтигэр сылдьыбыт. Армияҕа барарыгар
Горькай аатынан колхоз чилиэнэ. Оскуо-
лар рөрэммэтэх. Бииргэ төрөөбүттэрэ:
Мария Иннокентьевна Васильева, Егор Иннокентьевич Атласов
- «Кыһыл Сулус» орденнаах сэрии ветерана этэ, Уһун Күөлгэ
олорон өлбүтэ. Оҕолоро Уһун Күөлгэ бааллар.
Иннокентий Иннокентьевич кэргэннэммэтэҕэ. Аҕа дойду сэ-
риитигэр 1941 сыллаахха маҥнайгы хомуурга атырдьах ыйыгар
Мэҥэ Хаҥалас военкоматынан ыҥырыллыбыт. «Память» кини-
гэҕэ суруллубутунан, 1942 сыллаахха ахсынньыга сэриилэһэ сыл-
дьан өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. («Память» кинигэ III тома,
28 стр., А -550.)
ПЕТР МИХАЙЛОВИЧ АТЛАСОВ
1919 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата - Миха-
ил Алексеевич Атласов-Орбунча. Эбэҕэ Ойоҕоско дьиэ туттан
олорбут. Ийэтэ уол кыра эрдэҕинэ өлбүт. Маҥнай «Биллээх»,
кэлин Горькай аатынан колхозтар чилиэттэрэ. Орбунча нэһи-
лиэк, холкуос наадатыгар Суоттутган уонна Бороҕонтон таһаҕас,
почта таһыытыгар ананан уһуннук рлэлээбитэ. Уол Бөрөлөөххө
үөрэнэн 4-с кылааһы бүтэрбитэ. 1938-1940 сс. Өнөр нэһилиэгэр
үп агенынан рлэлии сылдьыбыта. Кэлин колхозка рлэлээбитэ.
1941 сыллаахха сэрии буолбутугар тыыл рлэтигэр Алдан оройуо-
нугар Томмот суолун тутууга ыытыллыбыта.
Аҕа дойду сэриитигэр Томмоттон ыҥырыллан, Чита куоракка
байыаннай рөрэххэ сылдьыбыта. «Память» кинигэҕэ суруллубуту-
112

