Page 77 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 77

Миигин  хоско  муостаҕа  сытыардылар.  Оҕолонор дьахтар  сөп
        буола-буола өрүтэ уһуурар,  ыһыытыах курдук буолар. Ол ахсын
        мин  куттанабын,  суорҕан  анныгар саһабын.  Итини  истибэтэр-
        бин ханнык диэн кулгаахпын ыга саптабын да, кыараҕас дьиэт-
        тэн тыас ханна барыай — истэ сытабын. Бэркэ эрэйдэннилэр бы-
        һыылаах, ботур-ботур кэпсэтэллэр, «тулуй, тулуй» дэһэллэр. Дьэ
        онтон,  доҕоор,  оҕо  өрөгөйдөөх саҥата  өрө  эһиэхтэннэ  эбээт.
        «Оҕобут саҥата улахан, улахан киһи буолара буолуо», — дэстилэр
        дьахталлар, үордүлэр, күлүстүлэр. Мин ыгыллан-ыгыллан, сьггар
        сирбиттэн сыҕарыйан, остуол анныгар буолбуппун, дэлби тирип-
        пиппин. Дьэ «һуу» гыннаҕым үһү.  Итинник этэ оччотооҕу олох.
           Татьяна Васильевна мин уонна дьонум олохторугар олус ула-
        хан үтүөлээх. Мин алтаоҕобун ыгыһыгартүһэрэн күнү көрдөрбүт
        —  кини. Дуня  балыыһаҕа барсарбын  сөбүлээбэт.  Түү сыттыгын
        кыбынарда, буолар буолуохтааҕын курдуктуттан балыыһадиэки
        оргууй бара турар.  Мин кэнниттэн эрэ көрөн хаалабын. Дьонум
        сааһыран истэхтэрин аайы ол-бу дьарҕалара кобөн, эмкэ-томко
        наадыйаллара күүһүрэн испитэ. Онно куруукТаанньаабырыыра.
        Ийэм хараҕа бүрүллэн көрбөтбуолбута, атаҕын да тумсун кыайан
        сирдэтиммэт этэ.  Мин  «атын  ыалга  киллэриэм»  диэбиппин,
        «Таанньалаахха эрэ» диэн булгуччу модьуйбута.  Ийэбэр Татьяпа
        Васильевна улаханнык кыһаллара: күн ахсын көрсөрө, дьиэтит-
        тэн  миин  буһаран  илдьэрэ,  араас  наадатын  быһаарара.  Сотору
        ийэм көрөр буолан үөрэн-көтөн тахсыбыта. Онтон аны «саҕыа»
        ыарыы  булбута.  Күн-түүн  этэ-хаана уостан,  уҥуохтаах эрэ ти-
        риитэ хаалбыта.  Муҥур уһугар  эмиэ  куораттаабыппыт.  Биллэн
        турар, Таанньалаахха түсггүппүт. Тута эпэрээссийэ оҥорбуттара,
        ол эрээри ханнык эрэ тымырын таарыйаннар уһуннук эрэйдэм-
        митэ. Таня эмиэ ийэтигэр дуу, эдьиийигэр дуу курдук сүүрбүтэ.
        Бары  наадатын  барытын  кини  быһаарара.  Ийэм  эмиэ үтүөрэн
        тахсыбыта. Дьэ, ити барытын туһугар, мин бу сааһыран ол ором-
        мун улаханнык махтанабын. «Атастуһугаратах тостор»диэн бука
        итини этэн  эрдэхтэрэ.  Ийэм  киирэр-тахсар дьонунан Таанньа-
        лаахтан эмп ылларар. «Таанньа кыыс эмэ» баар буоллун да, ийэм
        атыҥҥа кыһаммат. Адьас тиҥ курдук сылдьар.  Арааһа,  кинини
        ахтар быһылааҕа, сороҕор олус чуум пуран олорон саҥа аллайара:
        «Ок-сиэ, Таанньа кыыс ханна эрэ имири-хомуру тутан дьаһайан
        эрдэҕэ», — диэмэхтиирэ.  Кини билэрэ, эрэнэрэ соччо буоллаҕа.
   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82