Page 94 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 94

БОРОВОН нэһилиэгэ
                              Турантаева ( Чечебутова) Анна Дмитриевна

                                           Мин  Мэҥэ Хаҥалас  Тараҕай  нэһилиэгэр  Уол  Табаҕаҕа  1931
                                        сыллаахха  атырдьах  ыйын  15  күнүгэр  балай  да  саастаах дьон-
                                        тон  төрөөбүтүм.  1939  с.  маҥнайгы  кылааска  үөрэнэ  киирби-
                                        тим.  13-с  сааспыттан холкуоска от мунньан,  оҕус сиэтэн,  о.д.а.
                                        үлэҕэ  барытыгар  үлэлээбитим.  Оскуолаҕа  үөрэнэр  кэммэр  ти-
                                        муровскай  хамаанда  тэрийэн  фронтовиктар  кэргэннэригэр,
                                        кыаммат ыатларга мас эрбээн,  муус тиэйэн араас элбэх үлэлэри
                                        толорорбут.  Мин,  кэлин  төгүрүк  тулаайах  хаалан,  интэринээт
                                        баар  буолан,  7-тэ  кылааһы  үөрэнэн  бүтэрбитим.  1953  сылтан
                                        3  сыл  үөрэнэн  библиотекарь  үөрэҕин  бүтэрбитим.  1956  с.  кэр-
                                        гэннэнэн,  эмиэ  да  оҕо  төрөтөн  олорбутум.  1963  с.  Кэптэнигэ
                                        детсад  аһыллыбытыгар  иитээччинэн  үлэлээбитим.  Онтон  кэр-
                гэним үлэтинэн  Тумулга  көспүппүт.  Мин  бастаан оскуола библиотекатыгар  үлэлээби-
                тим,  онтон  50  миэстэлээх детсад аһыллыбытыгар  кыра  оҕолору иитээччинэн  балай да
                уһуннук үлэлээн,  60 сааспар  пенсияҕа тахсыбытым.


                                 Ханчаева (Титова) Варвара Гаврильевна


                                           Мин  1940  сыллаахха  олунньу  ыйга  I  Суотту  нэһилиэгэр
                                        төрөөбүтүм.  Аҕам  Титов  Гаврил  Семенович,  ийэм  Оллонова
                                        Ирина Данилова диэннэр. Аҕам  1941  сыллаахха бастакы хомуур-
                                        га Аҕа дойду сэриитигэр  ыҥырыллан,  мин  1,5  саастаахпар  бар-
                                        быт  уонна  эргиллибэтэх,  онон  аҕа  таптала  диэни  билбэтэҕим.
                                        1959  сыллаахха  Бүлүүттэн  төрүттээх  Ханчаев  Василий  Филип-
                                        повичка кэргэн тахсан,  4-тэ оҕоломмутум:  үс  кыыс,  биир уол.
                                           1965  сыллаахха  Ала  Соболооххо  арыы  собуотугар  оробуоча-
                                        йынан  үлэҕэ  киирбитим,  1968  сыллаахха  собуот Тумулга  көһөн
                                        кэлэн  онно  салгыы  үлэлээбитим,  1986-1990  сс.  пенсияҕа  тах-
                                        сыахпар диэри  интэринээккэ үлэлээбитим.
                                           Нэһилиэккэ,  улууска  ыытыллар  культурнай  мероприятие-
                ларга,  түөлбэ  үлэтигэр  активнайдык  кыттарым,  ырыа  куонкурустарыгар  элбэх  сити-
                һиилэрдээхпин.
                   8  сиэннээхпин,  5 хос  сиэннээхпин.




























                                                            90
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99