Page 30 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 30
К.А.Заболоцкай Курбуһах нэһилиэгэр учууталлыы сылдьан. 1937 с.
риигэ барарыгар биирдээх оҕо хаалбыта. Онно эбии өссө
оҕо күүтэ оһоҕостоох сылдьарым. Көстөкүүнүм сэрии саҕа-
ланарын кытта 1941 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр Чурап-
чы военкоматыттан бэбиэскэ тутан, мин бииргэ төрөобүт
убайбынаан Өлөксөөндүр Миитэрэйэбистиин бииргэ бар-
быттара. Убайым эрэйдээх эмиэ сэрииттэн эргиллибэтэҕэ...
— Ефросинья Дмитриевна ол өрдөөҥҥү ыар күннэри са-
наан, күн-дьыл өксүөнэ батгаабыт көхсө өссө холбойбукка
дылы буолан дириҥник үөһэ тыынан ылаахтыыр...
Сэрии буойунун огдообото кэргэнэ сэриигэ өлбүтүн ту-
һунан биллэриини сааһыары сайын туппут. Онно бу курдук
суруллубут:
«Эн кэргэниҥ Заболоцкай Константин Алексеевич, Ба-
йаҕантай олохтооҕо, Ийэ дойду көмүскэлигэр хорсуннук сэ-
риилэһэ сылдьан 1942 сыл муус устар 12 күнүгэр өллө. Кини
Ленинградскай уобалас Червинская Лука дэриэбинэ таһыгар
көмүлүннэ».
Бу «хара суругу» тутан баран Оппуруоһа эрэйдээх төһөлөөх
хараҕын уутун тохпута буолуой... «Этэҥҥэ сыдцьыаҕа, эр-
гиллиэҕэ» — диэн эрэмньи санаата күдэн буолан көттөҕө...
Кэргэнэ барбытын кэннэ төрөөбүт уолун аҕатын аатын аат-
татаары Костөкүүн дэппитэ. Онтуката хайа баарый, эмиэ

