Page 29 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 29
сүрэхтэниитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыыппыппыт. Кинигэни
сүрүннээн оройуон библиотекаларыгар, оскуолаларга тарҕаппып-
пыт. Оройуон биллиилээх спортсменнарыгар бэлэх биэртэлээбип-
пит. Ордубут кинигэлэри атыылаан, онтон киирбит харчынан Бо-
роҕоммут музейыгар спортивнай сааланы үбүлээн, 2005 сыллаахха
арыллыбыта.
Орто оскуоланы 1958 сыллаахха бииргэ үөрэнэн бүтэрбит оҕо-
лорбун кытары сибээспин быспаппын. Биэстии сыл буола-буола
мустан үбүлүөйдэри бэлиэтиибит. 2008 сыллаахха оскуоланы бүтэр-
биппит 50 сылын сэттиэ эрэ буолан бэлиэтээбиппит. Уопсайынан,
бииргэ үөрэнэн бүтэрбит 27 оҕоттон, уонча эрэ оҕо ордон хаал-
быппыт. Кинилэр тустарынан, билиҥҥи олохторун-дьаһахтарын
көрдөрөр, кэпсиир кыра кинигэ оҥотторон, оскуолабыт музейыгар
бэлэхтээбиппит. Мин, бу орто дойдуга 78 сыл олорон ааспыт олоҕум
кэрчиктэрин дьоммор-сэргэбэр билиһиннэрэбин.
2019 сыл, Дьокуускай к.

