Page 26 - Тролукова.indd
P. 26

Сайа^ас санаатын сааһылаан,
                         Иһирэх иэйиитин иччилээн,
                         Алгыстаах тойугун анааран
                         Ийэ сир кырсыгар иҥэрэр:


                         «Үтү°кэн санаалаах үксээтин,
                         Ыллыктаах ыралаах ырааттын,
                         Тупса^ай торумнаах тэнийдин,
                         Уйгулаах урааҥхай ууһаатын!»

                                                                   12.09.24



                          КЫРЫАЛААХ КЫРААЙЫМ


                      Кырыымпа кырылас тыаһыныы
                      Кыычыргыыр-хаачыргыыр ырыалаах,
                      Кырылас дьыбардаах кыһыннаах
                      Кыҥкынас кырыалаах кыраайым.

                      Мин сирим, мин дойдум, мин дуолум
                      Халлааҥҥа харбаһар хайалаах,
                      Быллаардаах сыырдардаах алаастаах,
                      Табалаах туундара тойуктаах.


                      Айыл^а баай талым кэрэтэ
                      Бүтүннүү биһиэхэ баар эбээт,
                      Киэн тутун Сахабыт сиринэн,
                      Киэн тутун дойдугар бааргынан.


                                                                      2023




                                          24
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31