Page 54 - Тролукова.indd
P. 54
УУС-АЛДАН ЫЧЧАТА
Билиини батыһан,
Үтү°$э тардыһан,
Ү°рүүгэ кыттыһан,
Санааны сааһылаан,
Самныбат саргылаах
Ыччаттар буолуохха.
Уус-Алдан ыччата,
К°ҥүллүк тыыныахха
Сулустуу күлүмнээн
Кыырайа к°тү°ххэ.
Саҥаны үксэтэн,
Сайдыыга дьулуһан,
Кэрэни кэрэхсээн,
Дьоһун дьон аатыран
Кыайыахха, хотуохха,
Модун күүс буолуохха.
Уус-Алдан ыччата,
Түмсүүлээх буолуохха,
Улууспут туһугар
Күүспүтүн түмү°ххэ.
52

