Page 114 - Уус-Алдан 2006
P. 114

•  үлэтэ  суох  дьон  сана  идэни  баһылыылларыгар  профессиональна!!
        үөрэхтээһини  тэрийии;
           •  нэһилиэнньэҕэ  үлэ  рыногын  туһунан  консультациялары,  идэни  та-
        лыыга туһаайыллар  үлэлэри,  иһитиннэриилэри  оҥоруу;
           • дьарыктаах  буолуу  активнай  политикатын  дьаһалларын  олоххо  кил-
        лэрии;
           •  үлэтэ  суох  дьон  үлэ  көрдөнөр  кэмнэригэр  материальнай  көмөнү,
        төлөбүрдэри  оноруу,  пособиенан  хааччыйыы;
           Уус-Алдан  оройуонун  үлэ  уонна  нэһилиэнньэ  дьарыктаах  буолуутун
        Киинин  маҥнайгы директорынан  Протопопов Андрей  Андреевич  ананан
        үлэлээбитэ.  Араас  сылларга  биһиги  Кииммит  директордарынан  Матвеев
        Иван  Петрович  (1993  с.  балаҕан  ыйа  —  1994  с.,  бэс  ыйа),  Егоров  Иван
        Иванович (1994 с. бэс  ыйа —  1996 с.  алтынньы),  Прибылых  Павел  Павло­
        вич  (1996 с.  сэтинньи  —  2001  с.  муус  устар),  Сивцев  Василий  Васильевич
        (2001  с.  ыам  ыйа  —  2004  с.  муус  устар)  ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ.
           Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун улуустааҕы сулууспатыгар уһуннук
        Сивцева Любовь Михайловна,  Протопопова  Ирина  Константиновна  үлэ-
        лээбиттэрэ,  бу сулуусна тэриллиэҕиттэн  күн  бүгүҥҥэ диэри  Павлова Ла­
        риса  Павловна,  ахсыс  сылын  Сергеев  Иннокентий  Иннокентьевич  ннс-
        пекторынан  үлэлииллэр.
           Уус-Алдан  улууһун  нэһилиэнньэ дьарыктаах  буолуутун  Киинэ,  бу  су-
        лууспа  үлэһиттэрэ бу дьоҕус кэрдиис  кэмн э тыа сиригэр рынок сыһыан-
        наһыылара киирэр кэмнэригэр,  нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, үлэ
        рыногар  сыһыаннаһыылары  сүрүннээһиҥҥэ,  үлэтэ  суох  гражданнары
        учуоттааһыҥҥа,  үлэ  булан  биэриигэ,  идэҕэ  туһаайыыга  уонна  үөрэттэ-
        риигэ,  материальнай  ойөбүлү  онорууга,  үлэ  көрдөнөр  кэмнэригэр  посо-
        биены  төлөөһүҥҥэ  государственнай  политиканы  олоххо  киллэриигэ дьа-
        ныардаахтык  үлэлэһэн  кэллилэр.
           Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун  сулууспатын  сүрүн  көрдөрүүлэрэ:
           • уопсайа  11019  киһи  биһиги  сулууспабытыгар  үлэ  көрдөнөн  сырытта,
        сылга  ортотунан  734  киһи;
           • кинилэртэн  4800  киһи  үлэтэ  суох  гражданин  официальна!!  статуһун
        ылбыт;
           • 4514  киһи  үлэ  көрдөнөр  кэмигэр  пособиенан  туһаммыт;
           •  1672  киһи  бастайааннай  үлэ  булуммут;
           •  1328  киһи  быстах  кэмнээх  үлэнэн  хааччыллыбыт;
           •  4160  сокуоннай  саастарын  ситэ  илик  гражданнар  быстах  кэмнээх
        үлэнэн  хабыллыбыттар;
           • 724  киһи  араас  идэлэргэ профессиональна!! үөрэхтээһининэн хабыл-
        лыбыт;
           • 97  киһи  эрдэ  пенсияны  ылара  оноһуллубут;
           •  100  киһи  вахтовай  уонна  сезоннай  үлэлэргэ  ыытыллыбыт.
           Биһиги  улууспут  нэһилиэнньэ  дьарыктаах  буолууга  сулууспата  "РФ
        нэһилиэнньэ  дьарыктаах  буолуутун  туһунан"  Федеральнай  сокуонунан
        уонна  атын  нормативна!!  докумуоннарынан  сүктэриллибит  соруктары
        быһаарыыга бу  15  сыллаах  кэрдиис  кэмн э үлэлээн  кэлбит хайысхаларыт-
        тан  улуус  олоҕор  уонна  кини  дьонугар-сэргэтигэр  ордук  суолталаах
        хайысхаларын  бэлиэтиэн  баҕарабын.
        110
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119