Page 124 - Уус-Алдан 2006
P. 124
букатын суола-ииһэ суох туундаранан айаннааһын буолара. Оччолорго
Дыгдаалга дьаам тохтуур, хонор дьиэтин бастайааннай тутар эбиттэр. Хас
дьаам аайы иккилии солбук аттаах, почта тохтоло суох ааһыытын хаач-
чыйар дьаамсыктар-олохтоох сахалар үлэлээбиттэрэ. Дьаам икки арда 40-
65 биэрэстэҕэ тэҥнэһэрэ, оттон хоту туундараҕа, киһи-сүөһү олохсуйбат
иччитэх сирдэригэр, 140-160 биэрэстэҕэ тиийэрэ. Иккис дьаам айанын
суола Көрдүгэнинэн, Харана төрдүнэн, Дьэгэдьэгинэн, Байдыманан, Бээ-
рийэнэн, Танда төрдүнэн, Саастыманан ааһан, Тукулаан үрэхтэрин
сүнньүнэн батан, Дьааҥы таас хайатын туоруура. Манна ат коло табанан
солбуллара. Сибээс хонтуората аһыллыаҕыттан, почта отделениелара
аһыллан барбыттара. Нэһилиэнньэ, олохтоох администрация туруорсу-
уларынан билигин Бороҕоннооҕу почтовай сибээс отделениетын ахсаана
20 тиийдэ:
отделениилар нэһилиэктэр сыла
1 Дүпсүн Дүпсүн 1930
2 Бээрийэ Бээрийэ 1937
3 Сыырдаах Бэрт Ууһа 1938
4 Огородтаах Суотту 1938
5 Балыктаах Найахы 1958
6 Кэптэни Лөгөй 1959
7 Танда Байаҕантай 1960
8 Кыллаайы Түүлээх 1961
9 Уус-Күөлэ Курбуһах 1961
10 Бэйдинэ Өлтөх 1965
11 Хомустаах Баатаҕай 1965
12 Дыгдаал Өспөх 1970
13 Чэриктэй Чэриктэй 1970
14 Эһэлээх Өнөр 1973
15 Майаҕас Хоро 1973
16 Ту мул Бороҕон 1975
17 Тулуна 2 Лөгөй 1977
18 Чарам 1 Хоро 2006
19 Тиит-Арыы Тиит-Арыы 2006
20 Уһун-Күөл 2 Өспөх 2006
2006 сыл муус устар ыйтан бары отделениелар толору штакка үлэли-
иллэр. Ити иннинэ почтовай сибээс отделениелара күн анара нэһилиэн-
ньэни кытары үлэлиир эбит буоллахтарына, билигин нэһилиэнньэ араас
араҥата почтовай сибээс өҥөтүнэн сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска
диэри туһанар кыахтаах, Бороҕон но сарсыарда 9 чаастан киэһэ 8 чааска
дылы. Почтовай сибээс нэһилиэнньэҕэ араас өҥөлөрү тиэрдэр, ол курдук
120

