Page 13 - Моя родина - Усть-Алданский улус
P. 13

Уус Алдан өрөгөйүн ырыата

                                                     В. Парников, И. Сыроватскай тыллара
                                                                  В. Парников мелодията

                              Байаҕантай, Дүпсүн сирэ
                              Бороҕоннуун сүбэ булан
                              Алдан, Лена тардыытыгар
                              Айар-тутар, үүнэ турар.

                                          Хос ырыата:
                                 Ахтар-саныыр, ыллыыр-туойар
                                 Талба дойдум Уус Алдан,
                                 Удьуор саха ууһуур-сайдар
                                 Уйгу сирэ Уус Алдан.

                              Тойон Мүрү, Кыыс Хаҥа,
                              Бэттиэмэлээх Бээди курдук
                              Сыспай сиэллээх, ураа муостаах
                              Үөскүүр үтүө сирдээх-уоттаах.

                                          Хос ырыата:
                                 Көхтөөх үлэ күүрэр сирэ
                                 Төрүт дойдум Уус Алдан,
                                 Удьуор саха ууһуур-сайдар
                                 Уйгу сирэ Уус Алдан.

                              Эллэй, Хоро өбүгэлээх,
                              Улуу Сэһэн бөлүһүөктээх,
                              Майаҕатта Бэрт Хараттан
                              Бөҕөс быһый уолаттардаах.
                                          Хос ырыата:
                                 Уйэлэргэ киэн туттубут
                                 Ытык дойдум Уус Алдан,
                                 Удьуор саха ууһуур-сайдар
                                 Уйгу сирэ Уус Алдан.

                              Лөгөй Тойон өтө көрөн
                              Нууччалардыын доҕордоспут,
                              Күлүмнүүрдүүн өркөн өйү
                              Үөрэх-сайдыы суолун туппут.
                                          Хос ырыата:
                                 Дьоһун-мааны чулуу дьонноох
                                 Дьоллоох дойдум Уус Алдан,
                                 Удьуор саха ууһуур-сайдар
                                 Уйгу сирэ Уус Алдан.
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18