Page 3 - 1 еспех
P. 3
"Дьиэлээх, тиэргэнэ хайдаҕыттан хайдах -
туох хаһаайына биллэр",- диэн бэргэн этим баар.
Ханна да тиий бастаан утаа бөһүөлэк төһө
үчүгэй сиргэ турарын ырааһын, күөҕун
(олордуу мастааҕын) көрө сатыыгын. Дьэ ол
быыһыгар биир эмэ сиэдэрэй оҥоһуулаах дьиэ
баарын кэрэхсиигин. Онтон бөһүөлэккэ дьон
түөлбэлээн олорор сиригэр киирии аарка
хайдаҕыттан, бу бөһүөлэк дьонун сэргэтин,
үлэтин хамнаһын сыаналыыр үгэс эмиэ баар.
Улуу ойууттар уонна удаҕаттар олорон
ааспыт, ол кэннэ көмүллүбүт, ытык өбүгэлэр
олохсуйбут, үчүгэй үүнүүлээх, үтүөкэн
көстүүлээх алаастар, ыһыах ыһыллар сирдэрэ
ытык сиринэн ааттаналлар.
1-кы Өспөх нэһилиэгэ ыам ыйын 18
күнүгэр 2001 сыллаах Ил Тумэн
Государственнай мунньах уураабынан
бигэргэнэн Уус-Алдан улууһугар сүүрбэһис
нэһилиэгинэн тэриллэн билигин ньиргиччи
үлэлиир-хамсыыр, сайдар.

