Page 3 - тереебут туелбэбит
P. 3

буолар.  Артамаан  алааьа  былыргаттан  Арыылаах
     боьуолэгэр олорор Артамоновтар а5а ууьун сирэ.
            Архыып  матырыйаала  кэпсииринэн  1776  с.  аан
     маннай  олохсуйан  аатын  ааттаппыт  киьинэн  Артамон

     Семенович  Говоров  диэн  киьи  буолар.  Кини  а5ата 2с
     Олтох  сис  баайдарын  Говоровтар  уоллара.  Бу  Сэмэн
     кинээс  Артамон  диэн  уола  дьаданы  кыыьы  таптаан

     кууьунэн кэргэн ылбыт. Ону кинээс киьи собулээбэккэ
     бэйэтиттэн       арааран       бас     билэр     алаастарыттан
     биирдэстэригэр            олохтообут.         Бу        Артамон

     чаччыыналаан          олорон       Артамон        диэн      аатын
     араспаанньа        онорон      5    уолугар,      2    кыыьыгар
     сурэхтээбит.  Онтон  ылата 2  уйэттэн  ордук  кэм устата

     бу      сиэдэрэй       костуулээх,       баай      байанайынан
     маанылаабыт,  комус  хатырыктаабынан  кундулээбит
     алааьы  «Артамаан»  диэн  кун  бугунугэр  диэри
     ытыгылаан  ааттыыбыт.  Артамаан  алаас боьуолэктэн  6

     биэрэстэ  тэйиччи  сытар.  Билигин  Артамоновтар
     обугэлэрэ  олоро  сылдьыбыт  бэлиэлэрэ  буолан  -
     туруорбут сэргэлэрэ, отохторун сорохторо тураллар.

            Артамаан          алааьын         тулата       Олонноох,
     Абааьылаах, Булун, Атыыр Баьа, Курбуьах нэьилиэгин
      кытта быысаьар Кээнили  сирдэринэн холбонон турар.

     Бу  сайынны  кэмнэ  сибэккинэн  симэммит  ходуьалаах
      сирдэр. Олонноох уонна Артамаан куоллэрэ минньигэс
      соболоохторунан биллэр.

             Арыылаахха бастаан тэриллибит Победа колхоз
      чилиэннэрэ кыьын кыстаан, кэлин сайылык оностон
   1   2   3   4   5   6   7   8