Page 3 - Чагдаайы туоната, Еспех
P. 3
мындыр бэйэлээхтэрбит, бүлгүннээхтэн бүдүрүйбэтэх, сүһүөхтээхтэн
сөһүргэстээбэтэх, атахтаахха ситтэрбэтэх, бөҕө-бухатыыр, кус быһый
дьоннорбут, өркөн өйдөөхтөрбүт сайдан тахсыбыттара.
Бу кэрэ туонабыт сытар сирин туһунан кэпсээтэххэ, Алдан өрүс Ленаҕа
түһэр төрдүттэн 6 көс үөһэнэн киниэхэ уҥа өртүттэн кыһыннары сүүрүгүрэ
сытар дохсун сүүрүктээх, түгэҕэ көстө сытар ыраас дьэҥкир уулаах “Кэлэ”
диэн таас үрэх түһэр.
Дьэ ол “Кэлэ” үрэҕиттэн саҕалаан Хааттыһыт үрэҕинэн
хадьааһыннанан 4 көс усталаах Чагдаайыбыт туоната нэлэһийэн сытар.
Аны бу Чагдаайы диэн аат хайдах бэриллибитин туһунан, 95 сааһыгар
дылы олох олорон барбыт, бу Чагдаайы төрүттэринэн уустарынан да, төрүт
олохтооҕо Борисов Николай Митрофанович (Сор оҕонньор) этиитинэн
маннык эбит. Хоту өттүбүтүгэр Улахан уонна Аччыгый эбэлэр диэннэр
бааллар, олортон улаханын Чагдаайы күөлэ диэн ааттыыллара үһү диирэ.
Онон сабаҕалаатахха ол күөл аатынан ааттаммыт буолуон соп.
Кэлэ үрэҕиттэн илин диэки Алдан эҥээрин Өспөх нэһилиэгин
олохтоохторо Илин унуор диэн ааттыыллара. Кэлин холбоһуктааһын
буолтун кэннэ манна “Чагдаайы” диэн колхоз тэриллэн олохсуйбута. Бу
эҥээргэ киһи-сүөһү бэрт өртөн баар буолбута.
Саха дьоно былыр-былыргыттан булдунан дьарыктаналлара. Хара тыа
бул да аас-туор олохторугар күүс-күдэх угара, о лор өлүүттэн өрүһүйэрэ,
быстар олохтон быыһыыра. Чагдаайыбыт барахсан халыҥ хара тыалара булт
арааһынан баайдар: тайах, эһэ, боре, бүүчээн, саһыл, саарба, тииҥ, кырынаас
уо.д.а. Куһунан, куобаҕынан иитиллэн баччаҕа кэллэхпит диэн
кырдьаҕастарбыт кэпсииллэрэ.
Ыраах дойдуларыттан тэлэһийэн сылдьааччылар уоппуска
ыллахтарына сайынын манна кэлэн балыктыыллар, сир астыыллар,
саалыыллар, кыһынын кэлээччилэр мууһу аннынан муҥхалаан бойомнук
бултуйан барааччылар.

