Page 13 - Библиотека быыһын сэгэтэн
P. 13

Пухова Зоя Васильевна


                                        1984-1986 сс. икки сыл курдук Кэптэнитээҕи библиотекаҕа үлэлээбитэ.  Үлэбин

                                        Николаева Диана        диэн эдэр кыыстан туппутум.Филиал фондата аҕыйах уонна

                                        олус      баайа     суох      курдук      өйдөбүл       хаалбыт.       Ордук       справочнай-

                                        библиографическай  өттүгэр  үлэ  мөлтөх  этэ,  каталог  дьааһыга  да  суоҕа,  киин

                                        библиотекаттан       аҕалан саҥалыы оҥорон саҕалаабытым. Мин өйдүүрбүнэн, ол

                                        кэмнэргэ  библиотекалары  киэһэ  6-7  ч.  дылы  үлэлэтэргэ  дьаһал  кэлэн  олус

                                        тымныы  библиотекаҕа  үлэлээн  тоҥорбун  өйдүүбүн.  Уборщицам  Павлова


                                        Евдокия  диэн  сүрдээх  ыраас,  түргэн  туттуулаах,  улахан  дьиэ-кэргэн  иһирэх

                                        ийэтэ, сонун-кэпсээн бөҕөлөөх киирэн кэлэрэ.Библиотекам тымныы диэн баран

                                        хаалыма, хаарыан кыыс тулуйа түс, оҥоруохтара диэн санаабын көтөҕөрө.
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18