Page 76 - Найахы айар куттаахтара
P. 76
НАЙАХЫ АЙАР КУПААХТАРА
«Тура§ас» алаас киинигэр
Томтойор кутуу суол урдугэр
Аал уоту оттоннор,
Аалай лиэнтэ быстылар.
Урукку еттугэр бу суолга
Элбэх киЬи эрэйэ барбыта.
Биэстии тыраахтар батыллан,
Суукканан айанныыр тугэннэр.
Билигин атын хартыына-
Бийиккэ бигэнэр кэриэтэ,
Оргууй-оргууй долгуйан,
АйанньытдуоЬуйа айанныыр.
* * *
Алаастан алааска,
Сыйыыттан сыйыыга
Мэник тыаллыын кыттыЬан,
Кеччуйэ, керулуу кетуеххэ.
СасыЬа оонньуохха
Сэбирдэх быыЬыгар,
Сетуелээн ылыахха
Келуччэ уутугар.
Сибэкки ыйыа^ар
Сипсиэри истиэххэ,
Сир Ийэ урдугэр
Кистэли билиэххэ.
Бэлэхтээ эн миэхэ,
Мэник тыал о^ото,
Чуумнуга уйдарар
Ып-ыраас салгыны.
74

