Page 100 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 100
Былдьатар буолаайадыт,
Биирдиитэ мэниэстиэдэ,
Содотохтуута уобуода,
Бу сир ийэм сиксигэр
Улуу дойдум уладатыгар,
Аан дойдум тайаатыгар
2830 Айыы хаан аймахтарым
Албан аатгаахтара,
Дьойун сурахтаахтара,
Кудэн куустээхтэрэ,
Модун моойдоохторо,
Буойун бухатыырдара
Баар буоллахтарына,
Кэлэ охсоннор,
Урун тыыммын еруйуйдуннэр,
Хара тыыммын харыйыйдыннар.
2840 Тиэтэллээх тылынан
Тэн'сиктэ тиэрдин',
Суйал тургэнник
Сурахта уурдарын, — диэн,
Ыксаабыт кийи куолайынан
Ыллаан буттэ.
Ол да буоллар
Охтон биэрбэккэ
Охсуйа сырытта.
Ону истээт,
2850 Додотторо дуолан бухатыырдар
Содотох биир куолайынан
Дордоонноохтук ыйыытайан,
Дуорайыйа турдулар:
— Кус быйый
Кустук Бэргэн
Сорук Боллур уолбут
Чугайыы одус, — дэстилэр.
Инньэ дииллэрин кытта,
Этэн баран,
2860 Эдирийиэх ис кырыытыгар,
Корон баран,
Чыпчылыйыах бэтэрээ еттугэр
Тыас тыайа
Сытыы чыпчаххай
Тыайын курдук
Куус гынан
-92-

