Page 115 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 115
Кемус тарбахтарыгар биэбэйдээн,
3470 Кетеден илдьэ бараннар,
Айыллан уескээбит
Аан дайдыларын
Арадас далбарыгар,
Айыы ньээкэтигэр,
Аар дууптарын терд угэр
Адалан олордон,
Кун уотугар куелэйиттилэр,
Сайадас салгынна салгылаттылар.
Орто туруу дьодул дойду
3480 Ойуулаах отун-майын
Уйгулаах сумэтинэн
Утах ийэрдэн,
Уоскутан сууйдулар,
Аан дойду
Алгыстаах айылдатын
Арадас илгэтинэн
Айатан адыныахтаатылар,
Утуердэн-тириэрэн
Урукку челугэр туйэрээри
3490 Одолуу биэбэйдээтилэр.
Абаайы уола буолладына
Айада хааннаммыт,
Тиийэ симэйиннэммит,
Уойа хомуйуннаммыт,
Ол гынан баран
Сойуйбут омунугар
Туох да кэлбитин
Билбэккэ туран
Туойан тодо сытыйда,
3500 Ыллаан ыыра барда:
— Аарт-татай одолоор!
Ар-дьаалы ини!
Айыы хаан аймахтарын
Биир суол
Бэгийэр бэрдин,
Албан ааттаадын
Анныбар баттаан,
Айаан-сиэн
Амсайыам диэбитим,
3510 Нохтолоох тойон сурэдин
Сулбу тардан ылан,
- 107 -

