Page 135 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 135

Тодус былас
            4330 Субурда дьэллик кымньыытынан
                  Иэннээх тириилэрин
                  Ибили тайыйан,
                  Эттэрин салаЬыннаран,
                  Этиттэрэн истэн,
                  Ээхтэрин этитэн,
                  Уодьуганнарын тардан,
                  Уохтарын мелтетен,
                  Тункэтэх уодэннэригэр
                  Теттору ууртэлээн,
            4340 Дьугэлитэрим буолуо, — диэтэ да,
                  Дьиппиэн хара халданын
                  Тэлэйэ баттаан тахсан,
                  Тэлгэйэтин ортотуттан
                  ТэбиэЬирэн тэтимнэнэн,
                  Тэбинэн кэбистэ.
                  Oxcyha сылдьар бухатыырдарга
                  Омуннаах содустук
                  Ойон тиийдэ,
                  Тодус былас
            4350 Субурда дьэллик кымньыытынан
                  Туох баар кууйунэн
                  ТаЬыйан кууйуннара-кууйуннара,
                  Тохтоон' ДИИ-ДИИ,
                  Тодус урэх байа
                  ДуораЬыйыар диэри
                  Чукдаарыкы хайыытыы турда.
                     Онуоха буолладына
                  Ол обургу дьаалылар
                  Олох да билбэтилэр,
            4360 Онооччуга да холооботулар,
                  Бырдах да санарда диэбэтилэр,
                  Былахы да санарбытын сада санаабатылар,
                  Одер мехсууну мехсен,
                  Ойехтеех харбайыыны харбайан,
                  Урут-арыт тусуйэн,
                  Уедэн-таИаан онорон,
                  Урун' кудэнинэн
                  Орукуйэ сырытгылар,
                  Ийэ буору
            4370 Ирбэт булууйугар дылы
                  Иэдьэгэй бадараан курдук
                                 - 127 -
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140