Page 156 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 156
Уердэр-кетутэр
Телкете суох эбиппин.
Инньэлэнэн-суутуктэнэн,
Иистэнэн-куустэнэн
Ийити-хомуоЬу сууйан,
Иннигитигэр-кэннигитигэр суурэн,
Илдьиккэ-тэн'сиккэ сылдьан,
Илии-атах буолан,
5240 Ийэдэ-agaga туйалыырга
Этиллибэтэх эбиппин.
Орто туруу дьодул дойдум
Улай дьэнкэ киинигэр
Олохсуйан уескээбит
Уу харахтаах,
Утары ньуурдаах
Ураанхай биистэрин,
Айыы аймахтарын
Адьарай бедеттен
5250 Араиаччылаатын диэннэр,
Адыс айыы тердуттэн
Айыллыбыт эбиппин.
Кун еркен уустарын
Кестубэт бедеттен
Кемускээтин диэннэр,
ДьеЬегей тойонтон
Талкелеммутум yhy.
Ол гынан баран
Олен эрэри
5260 ОруЬуйбэт буолуом дуо?
Хаалан эрэри
Харыйыйбакка хаалыам дуо?
Кыыс ододут барахсан
Кыптыый-суутук оннугар
Кыырыктаах батайы тутан,
КыргыЬыыга барарга
Дьылда Хаантан
Ыйыллыбыт эбиппин,
Уруе томторук оннугар
5270 Оргестеех унууну тутан,
Олерсуугэ киирэргэ,
Oxcyhyyra турарга
Одун хаан
Оноруулаах эбиппин.
- 148 -

