Page 183 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 183
ДьоЬун сурадын сурааммын,
Хоонньуга сытар
Холоонноох отгостоору,
Тэллэххэ сытар
Тэннээх додор гынаары,
Тиистээх дэриэтинньик
Тимир Сигиди бухатыыр
6400 Тиийэн кэллим.
Саспыт буолладына,
Тахса одустун,
Килбигийбит буолладына,
Кэлэ гартын.
Буолумматда буолладына,
Бобо тутуом,
Себулэммэг да буоллар
Туурэ харбыам,
Адыс баданадытын адаарыган,
6410 Тодус тулаайын ньпын чоротон,
Дьиэдитин дьиэгинитиэм,
Уоккутун уоданнатыам,
Уулуур ойбоннору
Оноччу уолларыам,
Дирин' далайдары хайыардыам,
Хара тыа мастары хагдарытыам,
Хара кулуктээди,
Хамсыыры харамайы
Хаалларбакка туран хараныам.
6420 Икки атахтаады
Ирдээн туран
Ибили хамыйан
ЭБэн барыам,
Иннигитин ылыам,
Ээххитин этитиэм,
Эппиэккитин истиэм.
Кыыскыт Кыыс Ньургун бухатыыр
Ханна барбытын
Этэ тардын-, — диэн баран,
6430 Комук суулларын курдук
КуЬугурэччи куллэ,
Сата хайдыар диэри
Сатаарыччы алларастаата.
Онуоха буолладына
Сылгыйыт сыыдам дьэллик
- 175 -

