Page 201 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 201

Дайды гиэнэ
                    Далгырыта дайдылаах,
                    Аан дойду
              7170 Адьырдатын дулдатын курдук
                    Бырах барбыт ынахтаах,
                    Киэн' халлаан
                    Урсунун курдук
                    Кьш барбыт сылгылаах,
                    Араан тыа сада
                    Аймах-билэ дьонноох,
                    Yryc медулгэлээх,
                    Элбэх ханылдалаах
                    Сир иччитэ буолан,
              7180 Сириэдийэн олорор
                    Тойон Дьонсоруун одонньор,
                    Хатын Дьан'сарыын эмээхсин
                    Игирэнэн тереппут одолоро
                    Эр бэртэрэ,
                    Элик утуелэрэ
                    Эриэрдэ Бэргэттэр диэн буолабыт.
                       Тойон кыылгыт
                    Толбонноох сымыытын туЬугар
                    Хайгыалаах хара быарбытын
              7190 Хаппаах хабала биэрдибит,
                    Нохтолоох тойон сурэхпитин
                    Толу к уурдубут,
                    Урун тыыммытынан
                    Мэктиэ биэрдибит,
                    Аар дархан
                    Андадары андадайдыбыт,
                    Одун хаантан онойуллан,
                    Дьылда хаантан айыллан,
                    ДьеИегой айыы тойонтон
              7200 Сун'кэннээх соругу
                    Сугэн кэллибит.
                    Aahap былыт
                    Албыннара буолуо диэн
                    Аймана санааман',
                    Куотар былыт
                    Кубулдаттара буолуо диэн
                    Хомойо курудуйа хаалыман,
                    Бука, кырдьык тылбыт
                    Бу буолуо, — дэстилэр.

                                    - 193 -
   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205   206