Page 211 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 211
Сырбатгахтарын аайы
Чанырдас буолла.
Туерт куннээх-туун
7600 ТимэхтэЬэн кэлиэр диэри
Тохтообокко-олорбокко,
Тула эргичитэ сылдьан
Туох баар куустэринэн
Суллугэстии сатаан
Кэбистилэр да,
Эстэрик сада эмтэрийбэтэ,
Кыырпах сада кыырайбата.
Эт дьон эймэнийдилэр,
Сындаайын дьон сылайдылар,
7610 Сэп гынар
Сэниэлэрэ быйынна,
Куп гынар
Куустэрэ баранна,
Икки илиилэрэ
Улук буолла,
Сулл угэстэрин тел утэ
Тута сылдьар буоллулар.
Бэри диэн бэркийээтилэр,
Серу диэн сехтулэр,
7620 Иккиэн уун-утарыта
Керсуйэн турдулар.
Содотох сымыыт хадын
Тобулбат буолан баран,
Дуолан бухатыырдар диэн
Дьодойон да сурадырбыт эбиппит.
Кун еркен уустарыгар
Кемускэс сурэхтээх,
Айыы хаан аймахтарын
Адьарай бедетген араггаччылыыр
7630 Ааттаах бухатыыр турара
Арай бийигиттэн эрэ
Тахсыбатыгар тиийдэдэ,
Алые сананан
Адыйдаммыт эбиппит.
Адыс айыы тердугэр
Дьейегей айыы тойон'но,
Нэлэмэн иэйэхеит хатынтга
Аар дархан андадары андадайбыппыт
Албын буолла,
- 203 -

