Page 232 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 232

8500 Эт да буоллар элэйбэтэ,
                      Унуох да буоллар уйадыйбата,
                      УЬун айанна
                      Ордук сытайан
                      Уодуран-кууйурэн
                      УЬуура кетен истэ.
                         Бу айаннаан истэхтэринэ,
                      Хаар хомурах дайдылаах,
                      Хаптадас туораах аЬылыктаах,
                      Хабдьы кыылым
                8510 Баара буоллар
                      Харада дэлби
                      Тойон туЬэр
                      Хабараан тымныылаах
                      Дойду буолан
                      Хабырсыйан барда,
                      Тон хомурах ордуулаах,
                      Туораах унугэс айылыктаах,
                      Токутар улар кыылым
                      Тумса туура тонон туйэр
                8520 Дохсун тымныылаах
                      Дойду буолан
                      Тумарыктыйан истэ.
                      Ол анараанны тардыытыгар
                      Тыынар тыыннаах,
                      Хамсыыр харамай
                      Уунэн тахсар
                      Уел от-мас баара буоллар,
                      Урун- кудэн курдук
                      Улту ытыйа туруох
                 8530 Дохсун буурдалаах,
                      Добун силлиэлээх
                      Дойду буолла.
                      Ол анараанны тардыытыгар
                      Эргийдэр эргимтэтэ биллибэт,
                      Тегуруйдэр тегурумтэтэ кестубэт
                      Туруук хайа сада
                      Тон мууйунан
                      Тодута аалсыЬа турар
                       Муус кудулу сулустар
                 8540 Умсары ытылла турар дойдутугар
                      Тиийэн кэллилэр.
                      Ол сулустар быыстарынан
                                     - 224 -
   227   228   229   230   231   232   233   234   235   236   237