Page 248 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 248
Tehe да ер
Айаннаабытын билбэтэ.
9190 Эмискэччи улугэр
Уллунадын оройутган
Тебетун оройугар дылы
Титирэстии Tyhyep диэри
Туохха эрэ тиийэн
Тура тустэ.
бйденен кербутэ —
Драй, додоор,
Тэбиэ ман-ан халлаан
Чиккэйэр дьирбиитигэр,
9200 Чинэрийэр кэтэдэр
Кылааннаах тынырахтаах
Кыайан кытаахтаспат,
Чобуо тумустаах
ТутуЬан олорботох,
Хаптадай уллунахтаах,
Таба уктэммэтэх,
Хара харахтаах
Ойдеен кербетех,
Дьулуо халлаантан
9210 Тутулуга суох,
Тэбиэ халлаантан
Ситимэ биллибэт,
Тимир дьэргэлгэн
Халбас хара
©ркен быа урдугэр
Уктэннэрэн кэбиспиттэр эбит.
Тутуйан туруохха
Туллук кыылым
Тумсун сада
9220 Тутулук суох буолла,
Харбаан ылыахха
Хараргаччы кыылым
Ханас табыталын сада
Хабылык мэлигир эбит.
Кулус гынар
Кулуктээх кестубэт,
Бэрис гынар
Биис yyha биллибэт.
Тарып гынар табыталлаах
9230 Тамыччы мэлигир,
- 240 -

