Page 260 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 260

Тимир дапсыыр кытадаЬынан
                      Синньигэс биилиттэн
                      Хам ытыттаран ылан,
                      Сириэйиннэри-тууспаннары
                      Сирдьигинэппитинэн тайааран,
                      Дьэбилгэннээх-эн'силгэннээх
                9710 Диритг далай байдалларын
                      Дьэбидийэр уейугэр
                      Устэ-туертэ уган,
                      Булкуйбахтаан ылла.
                      Ол гынан баран
                      Урдук былыт сойуутун
                      Урутертунэн
                      Эргичитэн адалан,
                      Алтай килиэ
                      Кыстык урдугэр
                9720 Туруору бырахпыта —
                      Уруккутунаадар уонунан ордон,
                      БиэЬинэн бэттээн,
                      Эт бэйэтинэн
                      Илэ дьуйунунэн
                      Тура тустэ.
                         Онуоха Дьохсолу Хаан Уус
                      Сарыы матада курдук
                      Ымах гынна,
                      Кемук суулларын курдук
                9730 КуЬугурэччи куллэ,
                      Ол гынан баран
                      Ырыа ыллаан ымманыйда,
                      Алгыс алдаан аммалыйда:
                         — Буойака, буойака!
                      Урдук халлаан
                      Оксуенэ-самыыра айылыктаах,
                      Оксеку буурай аттаах,
                      Ohec хааннаах
                      Оксекулээх Буруе Беде
                9740 Нойон кийиэ, эйигин
                      Илдьирийбэт этгэннин,
                      Илистибэт ин-иирдэннин
                      Уйадыйбат унуохтаннын диэн,
                      Уот баргый кыйада
                      Уган куертээтибит,
                      Улуу дьэбилгэн байдалга

                                     - 252 -
   255   256   257   258   259   260   261   262   263   264   265