Page 271 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 271
Кыггкыныыр кынаттаах,
Арыылаах холлодос сада
Арадас дьэрэкээн дьуйуннээх,
10180 Чопчулаах тумустаах,
Дордоонноох саналаах
Тойон ьнтырыа кыылы
Айан туЬэриэхпит.
Ол тустэдинэ,
Орто дойдуга
Уунэр ото-маЬа
Сумэлээх буолуо,
Теруур теруеххут
ТелеЬуйэ тупсуо,
10190 Иитэр суейугут чэчириэ,
АЬыыр аскыт
Амтаннаах буолуо,
Олорор олоххут
Дьоллоох буолуо
Уруй-туску буоллун,
Уруй-айхал буоллун! — диэтэ.
Инньэ диирин кытта
Саха кий и
Санаата тиийбэтэх
10200 Саппахтаах сатыы маьган халлаан
Сардан'алаах ньуурун диэкиттэн
Икки хаардаах булгунньах сада
Халлаан хардаиг эбир
Оксоку кыыллара
Тантнары чанырдайан
Тустулэр да,
Уон часкыйа олорор
Уордаах сырдан эйэ сада
Тимир багыыр тынырахтарынан
10210 Тебетун оройутган
Умсары холоруктаан,
Туерт муНэтиттэн
Туурэ кытаахтаан ыллылар да,
Ус уестээх оркен кылыс отууну
Субуйа тарпыт курдук
Оксекулээх дьэбийэ хаан
Аартыгын устун
Кетон купсуйэн
Туйэн бара турдулар.
- 263 -

