Page 296 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 296

Былдьаан-талаан бараары,
                      Бугустээн буруукээтэ.
                      Ону кытта
                      Кемелгеннеех айаннаах,
                      Куекэ дьадыл аттаах,
                      Куустээх-уохтаах
                      Кун келуенэй бухатыыр диэн
                      Уоллаах этибит.
               11260 Ол кини
                      Кунду дьонун кемускэлигэр,
                      Хаарыан дойдутун харайыгар,
                      Уруьгтыынын [еруйултэтигэр]
                      Ол адьарай беде
                      Адьырдатын кытта
                      Охсуспута орулуур
                      Отут хонуга туолла.
                      Онуоха диэри
                      Унуох киЬи уйадыйда,
               11270 СындааЬын киЬи сылайда.
                      Ол одобутун бодотуннардадына,
                      Уот Селуенэй бухатыыр
                      Бу дойдуга
                      Хамсыыры-харамайы
                      Хара кулуктээдин
                      Хаалларбакка-ордорбокко,
                      Хамыйан туран хараныада,
                      Имириир тыастаадын,
                      Икки атахтаадын
               11280 Ирдээн туран эйиэдэ,
                      Кул гынан булкуйар,
                      Кудэн гынан кетутэр
                      Кестубэт беде
                      Кутурдээдэ бугустээтэ.
                      Бу кестубэт бедеттен
                      Кемускээн ылар
                      Куустээх бухатыыр
                      Кун сириттэн кестубэтэ,
                     Ол улуу кутур
               11290 Одобутун сиэн баран,
                     Тумнаран елерееру,
                     Буруукээтэдэ буолуо.
                     Абаайы кэлбит буоллаххына,
                     Эрэйдээбэккэ сии одус,
                                    - 288
   291   292   293   294   295   296   297   298   299   300   301