Page 332 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 332

12800 НиЬир-наЬыр тэбинэн,
                      Тиийэн кэлэн
                      Оро корен турбута,
                      Саманник буолла —
                      Атын дойду албастаахтара,
                      Айадымсах биистэрэ,
                      Алдьархайдаах содуомнаах,
                      Алдьатыгас санаалаах
                      Албын алын уолаттар
                      Абаран-сатаран кэлэннэр,
               12810 Aha баттаан киириэхтэрэ диэн,
                      Адыс уон адыс
                      Адьырда кыыл тириитинэн
                      Аттаран-дьаптайан буруйбут
                      Хахай кыылым
                      Харытын сототун сада
                      Хатан болгуо тимиринэн
                      Хардары-таары тутан,
                      Хальпг-дьиппиэн халданы
                      Хап гына сабан кэбиспиттэрэ,
               12820 Адыс сибиир аатгаада,
                      Адыс бухатыыр кийи
                      Адыстаах ахсынньы ый
                      Аан-даам тымныытыгар
                      Адыс куннээх-туун
                      АхчаЬа-ахчаЬа
                      Aha сатаан баран,
                      Адьас аппатан да кербекке,
                      Аккаастарын этэннэр,
                      Бу дойду
               12830 Анысханнаах салгыныгар,
                      Аргыардаах чысхааныгар,
                      Акыччы-бокуччу
                      Улуйэн тонгон хааланнар,
                      Аан дойдуларыгар тиийбэккэ,
                      Аартыкка охтоллор эбит.
                      Маннык халданы
                      Хахай кыыл тириитин харытын
                      Унуодун сада
                      Хатан болгуо тутаадыттан
               12840 Тутан баран,
                      Тэбинэ туЬэ-туЬэ
                      Сэттэтэ тардан баран,
                                    - 324-
   327   328   329   330   331   332   333   334   335   336   337