Page 37 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 37

Такыйар такымнаах,
                    Токуйар тобуктаах,
               290 УЬугунан уктэнэр *
                    УЬаты уллунахтаах *,
                    Ортотунан курданар
                    Уй истээх,
                    Удалдьы тыллаах,
                    Уу харахтаах,
                    Утары ньуурдаах,
                    Ортотунан кииннээх
                    Орто борон
                    Ураанхай сахалар
               300 Олохсуйан уескээбиттэр эбит.
                       Адыс ааттаах
                    Адылдан урэх
                    Айгыстар айадар
                    АнардаЬынан
                    Айдаарыйан аатырбыт,
                    Тодус дьулусхан
                    Толуу урэх
                    ТутуЬар туймуутугар
                    Содотодунан
               310 Чуораадыйан сурадырбыт
                    Тодус хос дуолан куйахтаах,
                    Тодус был ас
                    Субурда дьэллик кымньыылаах,
                    Суостаах-суодаллаах
                    Чукдаарыкы тойон диэн
                    Бухатыыр киЬи
                    Y ескээн-тереен
                    Олорбута эбитэ yhy.
                       Кини диэтэх киЬи
                    Сирэ-дойдута буолладына
               320 Эргийдэр эргимтэтэ биллибэт,
                    Тегуруйдэр тегуруктэтэ костубэт
                    Туу мээчик курдук
                    Текунуйэн уескээбит
                    Тумэн бараан дойдум
                    Туелбэлээх туЬулгэтэ
                    Томтойор ньуура буолан,
                    Туолан томтойон турбут
                    Киэи Тумарыкы Эбэ хотун диэн сиргэ
                    Сириэдийэн олорбут
                                   - 33 -
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42