Page 49 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 49

Дуолан хара
                    Харса бээгэй
                    Атыыр ogyhy
                    Суускэ биэрэн,
                    СеЬургэстэтэ туЬэрбит курдук,
                    Модун хаан
                    Модьодолообуттар эбит.
               810     Икки буойун бухатыыр
                    ТуруулаЬан туралларын курдук,
                    Суон тиитинэн
                    Томороон модун холуодалаабыттар,
                    Сэттэ тэтиэнэх киЬи
                    Тэбинэн туран
                    НэЬииччэ сэгэтэн киирэр
                    Дьиппиэн хара
                    Тиит халданы
                    Лип гына
               820 Тардан кэбиспиттэр,
                    Суол аанын диэкинэн
                    Тодус куйахтаах
                    Дуолан хара бухатыырдар
                    СубуруИан туралларын курдук,
                    Тулаайын мадан баданаларга
                    Тодус oxcyha олорор
                    Токутар улар курдук
                    Содуом хара кехелору
                    Чолоччу саайталаан кэбиспиттэрэ
               830 Чобугур-ибигир
                    Кэпсэтэ тураллар эбит.
                       Кэтэдэриин диэки ортунэн
                    Сэттэ ньилбэдэй
                    Эр бэртэрэ
                    Сэптэнэн-сэбиргэллэнэн
                    Сэриигэ кыргыска киирээри
                    ДьэбидиЬэн туралларын курдук,
                    Линтсир мадан
                    Тирээбил баданаларга
               840 Сэттэ этэ олорор
                    Кэдэ кыыл курдук
                    Дьиэрбэн хара кехелору
                    Тилийэ саайталаан кэбиспиттэрэ
                    СибигинэЬэ-хобугунайа
                    Тураллар эбит.
                                    -45
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54